Бүгүн 200, 800, 3000 миэтирэҕэ «Туймаада» стадиоҥҥа кыргыттар уонна уолаттар финальнай сүүрүүлэрэ буолла. Таһырдьа күн чаҕылыччы тыгар. Оҕолор настройдаахтара биллэр. Кыргыттарга уонна уолаттарга тыҥааһыннаах киирсии буолла. Тренердар «кытаат, кытаат 200 миэтирэ хаалла…» диэн ыалдьаллара иһиллэр. 1500 уонна 3000 миэтирэҕэ Айтал Куличкин бастакы миэстэ буолла.
– Айтал, бэйэҥ көрдөрүүгүн астыннын дуо?
– Бириэмэбин истэ иликпин, ол эрэн үчүгэйдик сүүрдүм дии санаатым.
– Эн санааҕар ситиһиилээх буоларга саамай ыарахан тугуй?
– Мин санаабар бэйэни салайыныы, дисциплинэлээх буолуу.
– Саҕалаан эрэр сүүрүөн баҕалаахтарга сүбэтэ биэр.
– Дьарыктанаргытын быраҕыман уонна дьарыккытыгар хойутаабакка сылдьыҥ.
– Эн ханнык суперспрособностьтаах буолуоххун баҕараҕын?
– Көтөр буолуохпун баҕарабын.
– Иллэҥ кэмҥэр тугу гынаҕын?
– Оонньуубун уонна доҕотторбун кытта кэпсэтэбин-ипсэтэбин.
– Эйиэхэ саамай долгутуулаах күрэхтэһии туһунан кэпсээ.
– Мин саамай долгутуулаах быйыл кулун тутар ыйга буолбут Россия үрдүнээҕи Пенза куоракка ыытыллыбыт күрэхтэһиим буолар. Онно 3000 миэтирэ уһуннаах дистанцияҕа иккис миэстэ буолбутум.
– Бэйэҕин үс даҕааһын аатынан хайдах ойуулуоҥ этэй?
– Күүстээх, дьулуурдаах, эрэллээх.
– Бүгүн өссө сүүрэҕин дуо?
– Суох, сүүрэн бүттүм. Бэҕэһээ 1500 уонна бүгүн 3000 миэтирэҕэ финальнай киирсиигэ сүүрдүм.
Куличкин Айтал, 14 саастаах, Чурапчы улууһа, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир орто оскуола-интернат
Ити курдук, бүгүҥҥү күн чаҕылхай сулуһа, Айтал Куличкин интервьютун аахтыбыт. Спорду сэргиэххэ, сүүрүөххэ-күтүөххэ, сыалбытын ситиһиэххэ!
Айылана Николаева, «Кэскил» медиа-оскуола юнкора, Мэҥэ-Хаҥалас, Майа