90-с сыллардааҕы ыччаты мээнэҕэ «сүппүт көлүөнэ» диэн ааттаабатахтара. Оччолорго улуу дойду ыһыллар ухханыгар бэрээдэк биллэ мөлтөөбүтэ, өлөрсүү, күүһүлээһин, халааһын күннээҕи көстүү буолбута. Элбэх ыччат өлбүтэ-сүппүтэ, хаайыы аһылыга буолбута. Элбэх да кыыс оҕо дьылҕата алдьаммыта. Ити долгуну этэҥҥэ туораабыттар киһи-хара буолан, билигин 40-50 cаастаах дьон буоллулар. Бу көлүөнэ урут абитуриенныыр кэмнэриттэн көрдөөх түгэннэри кэпсиим.
Урукку кэмҥэ абитуриент эксээмэн туттарар буолан, куоракка ыйы-ыйдаан олорорго күһэллэрэ. Тыа сириттэн кэлбит оҕо урут олох атын этэ (ордук 90-с сылларга): таҥаһа-саба мөлтөх, муҥкук, килбик, нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат, куораты билбэт, суол быраабылаларын тутуспат. Инньэ гынан элбэхтэ күлүүгэ-элэккэ киирэрэ ханна барыай? Биир кэлим эксээмэн туттарыы үчүгэйэ диэн, үөрэххэ туттарсаары хат эксээмэн туттарбаккын. Билигин докумуоҥҥун хас да ВУЗ-ка тэҥҥэ туттарыаххын сөп. Онон эн «шансын» элбиир. Урут абитуриент үөрэххэ киирэригэр биир эрэ сиргэ туттарсар: докумуонун элбэх сиргэ биэрэрэ сатаммат. Ол үөрэҕэр аны эксээмэн туттарар. Ол саҕана тест диэн көрүллүбэт, барыта билиэтинэн. Туораата да — мэлийдэҕэ ол. Нууччалыы эттэххэ, «пан или пропал». Абитуриенныы сылдьан тыа ыччата урут туохха-туохха түбэспэтэҕэ баарай? Онтон эһиэхэ аҕыйах көрдөөх түгэни кэпсиим.
Арай биирдэ икки дэриэбинэ кыргыттара аймахтарыгар олоруохтарын оннугар дьиэ арендалыырга быһаарыммыттар. Эрдэттэн тэринэн 17-с кварталга сайыны быһа подъеһыгар сытыйбыт уулаах, хаарбах муосталаах 2 этээстээх мас дьиэҕэ квартира булбуттар. Ол даҕаны дьоно кыахтаах буолан туспа дьиэ наймыласпыттар. Биирдэ дьүөгэлиилэр «тоскатыйан» «приключение» көрдүү таарыйа маҕаһыынтан табах ыла барарга быһаарыммыттар. Олох киэһэ хойут эбит, былыттаах буолан хараҥа соҕус түүн буолбут. Маҕаһыыннара тэйиччи. Кэлэн истэхтэринэ биир итирик нуучча уола билсэ сатаабыт, табах көрдөөбүт. Ону кыргыттар «Бар, бар!», — диэбиттэр, кыһамматахтар. Садьыйдахтарына эҥин охтуох курдук нэһиилэ хаамар эбит, «Чэ мин эһигини атаарыам», — игин диэбит. Баран түһэ сылдьар, байааттаҥнас буолбут киһиттэн хайдах эрэ куттамматахтар. Оннук батыһа сылдьыбыт. Кыргыттар тыа сиригэр үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппыт буолан, бэйэлэрин лаппа кыаналлар эбит. Онтон уол эппит: «Бу манан быһалыы барыахха, уулуссанан хаамар кутталлаах». Онуоха кыргыттар хап-сабар гараастар быыстарынан түһүнэн кэбиспиттэр. Онтон нууччалара эмискэ баҕайы сэниэлэнэн хаалбыт. Биир кыыһы тутан ылбыт уонна (кожанай кууркалааҕын) илиититтэн соспут. Онуоха дэриэбинэ кыыһа обургу биир-биэс тыла суох сутуругунан сирэйгэ саайталаан барбыт! Киһилэрэ бастаан өмүттэн көрөн турбут, онтон хоонньун хаһыспыт. «Светаа! Быһах хостоон эрэр!», — диэбит охсуһар кыыс. Дьиҥэ көрбөтөх эбит, таах кутталыттан сэрэйэн көрөн сарылаабыт. Онуоха анарааҥҥыта өр-өтөр толкуйдуу турбатах, ылбыт да көхсүгэр ыстаммыат! Хатаастан сүктэрэн кэбиспит уонна охторон түһэрбит, бэйэтэ ойон турбут. Биирэ охто сытар киһини харса-хабыра суох тэбиэлээн киирэн барбыт. Иккиэн чочумча тэбиэлээбиттэр. Биир платформалаах кыыс сүүскэ «Тос!» гына тыаһыар диэри тэппиэт! Онтон киһилэрэ туруохча курдук үнүөхтээн истэҕинэ «Куоттубуот!» — диэн сарылаһан баран тус-туһунан сырсан хаалбыттар. Биирдэ өйдөммүттэрэ дьиэлэрин ааныгар аҕылаһа олороллор эбит, көрсөн баран күл да күл буолбуттар. Күлээн-күлэн баран, ааннарын нэһиилэ арыйан дьиэлэригэр киирбиттэр. Онтон ыла «приключение» көрдөммөт буолбуттар, бэрээдэктээхтик сылдьыбыт ордук диэн, хата, өйдөөбүттэр.
Биирдэ үс доҕордуулар ыраах баҕайы билбэт сирдэригэр туох эрэ наадаҕа барарга соруммуттар. Куораты, автобус сырыытын игин билбэт уонна үчүгэйдик нууччалаабат буолан, такси ыҥырарга быһаарыммыттар. Таксилара нуучча киһитэ «сып» курдук кэлбит. Уолаттар тахсан олорбуттар, аадырыстарын ыйбыттар. Ол саҕана Интернет, араас приложение суох буолан, суолгун син биир ыйан-кэрдэн биэрэҕин. Биир уоллара «Налево» — дии-дии, уҥа диэки ыйар эбит, «направо» — дии-дии хаҥас диэки туһаайар эбит. Онуоха суоппар ньиэрбинэйдээн ылар эбит. Чэ, ол да буоллар син быһаарсан тиийиэхтээх сирдэрин булбуттар. Онтон уолаттар «Манна түһэбит, «кэллибит» диэ!», — дии-дии биир саамай «нууччаһыттарын» ойоҕоско ас да ас буолбуттар. Уол ыксаабыт, туох диэн булбатах, аадырыстарын ааһа барыахча буолбуттар. Ону уол эмискэ баҕайы эппит: «Остановите, мы здесь падаем!». Дьээ, анараалар күлүс да күлүс буолбуттар. «Бэйэҕит этиэххитин оттон!» — диэн доҕордоро өһүргэммит. Таксист эмиэ күл да күл буолбут. «Ну, падайте ребята!» — дии хаалбыт.
Биир адьас күп-күөх харахтаах, саһархай баттахтаах, көрдөххө, тоҥ нуучча курдук саха бааһынай кыыһа болуоссат устун хааман испит. Киһи хараҕар быраҕыллар үчүгэй дьүһүннээх уонна чугас улуустан сылдьар буолан муодунай бөҕө, мап-мааны эбит. Арай утары биир нуучча киһитэ ала-чуо киниэхэ супту хааман кэлбит уонна «Девушка, не подскажете время?» — диэн ыйытааччы буолбут. Арааһа, билсиһэ сатаабыт быһыылаах. Кыыс хары чаһылаах эбит. Ону чаһытын көрбүт, ол гынан баран нууччалыы туох диэн этиэн булбатах (нууччалыы олох сатаан саҥарбат, саатар чаһыны хайдах этэри ончу билбэт эбит). Онтон күп-күөҕүнэн киһитин диэки көрөн баран: «Не знаю!» — диэбит уонна ааһа турбут. Нуучча киһитэ наһаа соһуйбут, аппайан туран хаалбыт. Иһигэр туох дии санаабыта буолла?))
Биирдэ биир сытыы баҕайы кыыс «шоулаан» баран дьиэлээн испит. Көҥүлгэ көппүччэ, куоракка киирэн төһө баҕар пиволаан, табахтаан, дьэ, «күннүү» аҕай сылдьыбыт. 90-с сылларга кыргыттары массыынаҕа соһон киллэрэн, ыраах илдьэ баран атаҕастыыр, ардыгар өлөрөр да түгэннэрэ наһаа элбэх этэ. Бу кыыс оннук «бултуу» сылдьар бэдиктэргэ түбэһэн биэрбит. Ааһан иһэр массыына аана арылла биэрбит да, кыыһы биирдэ салоҥҥа симэн кэбиспиттэр. Бастаан кыыс «Ыытыҥ, убайдарбар үҥсүөм!» — эҥин дэтэлээбит, онтон туһа тахсыбатын билэн, артыыстыырга санаммыт. Дьиҥэ кыра соҕус холуочук эбит, ону кини улахан итирик курдук туттан-хаптан барбыт. Хотуолаары гыммыт курдук өҕүй да өҕүй буолбут. «Пахай даҕаны, кыыс, дьаабыланан түһэҥҥин», — эҥин диэбиттэр уолаттар. Били, бэйэлэрэ үчүгэй баҕайы дьон. Онуоха кыыс эппит: «Эһиги да СПИДтээбиккит буоллар маннык буолуо этигит!» уонна ытаабыта буолбут. «Пахыай, бар, киэр бар, туһата суох эбиккин!», — диэн баран массыынаттан таһааран быраҕан кэбиспиттэр. Кыыс быыһаннаҕа ол! Онтон ыла дьэ куойата-маҥкыта холбонон, бэрээдэгэ лаппа көммүт.
Биир кыыс үөрэххэ киирэн, студент олоҕо саҕаламмыт. ЯГСХА-ҕа үөрэнэр эбит, Павлика Морозова уулуссаҕа мас уопсайга олорбут. Туалеттара таһырдьа эбит. Кыыс биирдэ киэһэ иһэ ыалдьыбыт. Кыргыттары тахсыахха дии сатаабыт да, ким да сөбүлэспэтэх. Соҕотоҕун тахсыан куттаммыт. Ол иннигэр биир оҕону хараҥаҕа туалекка барбытын быһахтаабыттар эбит. Хайыай, биэдэрэҕэ дьаһаммыт уонна сарсыарда сырдаата да тоҕуом диэн былааннанан, хортуоҥканан сабан кэбиспит. Онтон киэһэ атын хосторго «аһааһын» буолбут. Охсуһуу өр-өтөр буолбакка бу тыҥаан кэлбит. Кыргыттар хосторун аана тэлэллэ түспүт да, үлүгэр элбэх уол хоско көтөн түспүт. Тиниктэһии кытаанаҕа. Кыыс били биэдэрэтин сымыыт баттыыр куурусса курдук харыстыы сатаабыт да, кыаллыбатах. Ону эрэ оҥороору гыммыт дьон курдук кыыс биэдэрэтин тоҕо тэбээт, уолаттар хостон көрүдүөргэ тахсан барбыттар. Оннук «каака» дьыаланы оҥордубут диэн, арааһа, бэйэлэрэ да билбэккэ хаалбыттар быһыылаах. Кыыс хайыай, муостатын хомуйбутунан бараахтаабыт. Ол сырыттаҕына аны биир холуочук уол киирэн, сиэбигэр уктан баран, манаан турбут. Кыыс кыбыстан «бар» диирин отой истибэт эбит. Ол курдук бүтүөр дылы сылдьыбыт. Саатар, сиргэммэт да, хайаабат да, сырса сылдьар эбит. «Ол көнө баҕайы уол этэ. Кэлин санаатахпына, миигин сөбүлүү көрөр эбит, ону холуочуйбучча эрдимсийэн аттыбыттан арахпатах», — диир оччотооҕу студентка. «Ону киһитэ саах сууйан баран бүппэтэх. Туох дии санаабытын туох билиэй», — диир күлэ-күлэ билигин ийэ, эбээ буолан олорон. «Хоспун сууйан-тараан баран, ол уолу таһырдьа анньан баран, хатанан кэбиспитим», — диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Бу барыта олоххо буолбут түгэннэр.
Ааптар: Кэрэспэдьиэн Кэтириис