От ыйын 4 күнүгэр СӨ наука дьоҕус академиятыгар М.А. Алексеев аатын сүгэр «Туймаада» олимпиадатын арыйыыта буолла.
Олимпиадаҕа Россияттан, Казахстантан, Монголияттан, Румынияттан, Индонезияттан сылдьар оҕолор математикаҕа, химияҕа, физикаҕа, информатикаҕа кыттыыны ылыахтара. Тэрийээччилэринэн СӨ наука дьоҕус академията, М.К Аммосов аатын сүгэр СВФУ, наука уонна үөрэх министерствота буолаллар.
31-с олимпиаданы наука уонна үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова арыйда. Арыйыы, 5 араас дойду ыккардыларынан буолан, очно-заочнай форматка английскай уонна нуччалыы тылынан ааста. Атын дойду оҕолоро «Zoom» нөҥүө кыттыыны ыллылар. Экспертэр, учуонайдар тыл этэннэр, кыттыылаахтары олимпиада саҕаланыытынан эҕэрдэлээтилэр. Хас биирдии кыттыылаах бэйэтин дойдутун, оройунун, оскуолатын дьоһуннаахтык көрдөрөллөрүн туһугар баҕа санааларын эттилэр. Ону таһынан оҕолорго анаан Лилиана Попова уонна Сайаана Винокурова буоланнар музыкальнай инструменынан оонньоотулар, оскуола оҕолоро сахалыы үҥкүүнү көрдөрдүлэр. Арыйыы бүтүүтүгэр Саха Сирин сборнай оҕолоро тахсан сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тыл эттилэр. «Уруй-Айхал!» диэн тылынан «Туймаада» Олимпиада арыйыыта сабылынна.
Кыттыылаахтар ис-санаалара олус туйгун, бэйэлэрин кыахтарыгар, билиилэригэр олус итэҕэйэллэр. Хаста да кыттыыны ылбыт, улахан уопуттаах оҕолор кытта бааллар.
Мухаметов Данил, Абый улууһуттан сылдьар олимпиада кыттыылааҕа:
«Мин күрэххэ кыттарбар интернет нөҥүө бэлэмнэммитим. Онно баар сорудахтары толорор этим. Санаам олус үчүгэй, туйгуннаахтык кыттыам диэн эрэнэбин.
Попов Данил, Екатеринбургтан сылдьар олимпиада кыттыылааҕа:
«Мин ааспыт сылга эмиэ кыттыыны ылбытым, ол иһин ис-санаам олус үчүгэй. «Туймаада» Олимпиада арыллыыта бэртик ааста, мин олус астынным. Ааспыт сылга эмиэ оннук курдук үчүгэй этэ. Олимпиада оҕолорго атын үрдүк таһымнаах күрэхтэргэ кыттыыны ылартан куттаммат буоларга, бэйэн тугу кыайаргын, сатыыргын өйдүүргэ улахан көмө буолар. Атын кыттааччыларга туохтан да куттанымаҥ, бэйэҕитигэр итэҕэйиҥ диэн этиэхпин баҕарыам этэ.»
Баженова Анастасия, Екатеринбургтан сылдьар олимпиада кыттыылааҕа:
«Мин физиканан уруккуттан дьарыктанабын. Бэлэмнэнэрбэр пробнай сорудахтары онорор этим. Ааспыт сылга кыттарбар 2-с степень призера буолбутум. Урукку ситиһиибин хатылыахпын, эбэтэр ситиэхпин баҕарабын. «Туймаада» атын араас дойду ыккардынааҕы олимпиада буолан, атын сир оҕолоро биир санаалах-толкуйдаах дьону кытта билсэн, билиилэрин элбэтэллэригэр, улахан көмө буолар дии саныыбын.»
Миндаев Дамир, Макаров Денис, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ:
«Олимпиада сүрүн сыалынан-соругунан саҥа билиини ылааһын буолар. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта киирсэннэн, өссө күүстээх буолаллар, өйдөрө-санаалара сайдар. Олимпиадаҕа баар сорудахтары оноруугэ биһиги эмиэ кыттыыны ылбыппыт. Барытын ырытан, бэрэбиэркэлээн олимпиаданы ыытарга бэлэммит. Программированияҕа кыттар оҕолорго кылааһынан арахсыы суох буолар. Кыттааччылар бары бэйэлэрэ кылаас нөҥуө бэлэмнэнэллэр.»
Олимпиада арыйыыта үрдүк таһымнаахтык тэриллиннэ. Тэрийээччилэр бэйэлэрин дьыалаларынан умайаллара көстөр.
Любовь Попова, тэрийээччи:
«Олимпиада сүрүн сыалынан оҕолору, олимпиаднай сообществаны түмүү уонна кэлэр кэми тутар оҕолор билиилэрин бэрэбиэркэлээһин буолар. Олимпиадаҕа 200-тэн тахса оҕо кыттар, ити биһиги формаппытыгар олус үчугэй көрдөрүү буолар. Барыта 5 араас дойдуттан оҕолор кыттыыны ылаллар. Олортон 75 кыттааччы олимпиаданы очнайдык оҥорор. Кэлбит оҕолору олимпиадаттан эбиитин экскурсияларга сырытыннарабыт: араас музейдары, Орто Дойдуну, Булууһу көрдөрөбүт. Сахабыт Сирин ыалдьытымсах быһыытын кытта билсиһиннэрэбит. Олимпиаданы тэрийиигэ син кыра ыараханнар бааллара, сүрүн уустуга техническай өттүгэр сытар. Ол эрээри барытын бэрэбирэкэлээтибит, олимпиаданы ыытарга бэлэммит. СВФУ-га улахан махталбын тириэрдиэхпин баҕарабын, кинилэр тэрийиигэ улахан көмөну онорбуттара. Кыттааччыларга улахан ситиһиини, тулууру уонна хаһан да бэриммэт буолалларыгар баҕарыа этибит.»
«Туймаада» олимпиадатын арыйыыта олус таһымнаахтык ааста. Оҕолор олус астынан, кэлэр күрэхтэһиигэ кыттар санаалара олус көтөҕөлүннэ. Кыттаачыларга баҕарыа этибит элбэх саҥа билиини, тулууру. Олус өйдөөх, билиигэ тардыһар сана көлүөнэ үүнэн иһэринэн бары киэн туттабыт.
Николай АНДРЕЕВ