Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар Түгэхтэй кэрэ сиригэр, түһүлгэҕэ дьон бөҕө тоҕуоруһа мустан турар, «тоҕо кэрэтэй, айабыын» диэн саҥа аллайыылар иһиллэллэр.Ол курдук, бу түһүлгэҕэ «Сүллэр сөмүйэ сүллэрдээбит, дьаарай тарбах такайбыт, эриэккэс илии тикпит» диэн илиинэн уус-уран оҥоһуктар быыстапкалара буолла. Дьэрэкээн көстүүлээх, уус-уран оҥоһуктар — уус киһи иэйбит санаата иҥэн, үөһэттэн анаммыт Үрдүк Айыылар ыйаахтарынан, алгыһынан улахан күүс түмүллүбүт тэриллэрэ буолар. Көстөр дьүһүннэринэн кэрэ эрэ буолбакка, ис хоһооннорунан дириҥ уонна киэҥ суолталаахтар. Кып-кыра сувениртан саҕалаан улахан олоппоско диэри оҥоһуктар саха омук олоҕун, туттар малын, айылҕабытын ойуулууллар. Ким эрэ оҥоһуга саха киһитин араҥаччылыыр, арчылыыр күүстээх. Бу быыстапка элбэх дьон сэҥээриитин ылла.
Егоров Яков Николаевич:
Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыттан сылдьабын. Уһаммытым номнуо 42 сыл буолла. Саамай үчүгэй оҥоһуктарбытын талан көрдөрүүгэ аҕаллым. Мин кыра эрдэхпиттэн уһанабын, үөрэппит-такайбыт учууталлардаахпын. Өрөспүүбүлүкэҕэ уһаныыга бастаабытым, элбэхтэ миэстэлэспитим. Бэйэм түмэл оҥосто сылдьабын. Эдэр дьоҥҥо ситиһиилээх үлэни баҕарабын. Ууһунан дьарыктанын, уһаныы үчүгэйтэн атыны аҕалбат. Кытаатыҥ, саха төрүт дьарыгын үйэтитиҥ!
Николай Дьяконович бэйэтэ Айыы бухатыырын курдук таҥныбыт. Кини уһаммыт олоппоһугар тохтоло суох дьон-сэргэ кэлэн 100 солкуобайга хаартыскаҕа түһэр. Оҥоһуктарын тайах муоһуттан уһанар эбит.
Үөһээ бүлүү Намыттан сылдьар уус Лука Николаевич:
Намна күтүөт буолабын, бэйэм Өргүөттэн төрүттээхпин. Мин дьэ бэйэм ыллым да уһаммытынан барбытым. Уус төрүттэрдээхпин, онтум өтөр быһыылаах. Бүгүн киллэрбит оҥоһуктарым барыта быйылгылар, уруккуну киллэрбэтим. Быыстапка саҥаттан саҥа буолуохтаах дии саныыбын. Оҥоһуктарбын сэлии муоһуттан оҥоробун.
Лука Николаевич оҥоһуктара араастар. Хотун бүлүү значога, ытарҕалар, сахалыы иһиттэр, харысхаллар бааллар.
Александра Владимировна Артемьевна:
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгиттэн сылдьабын. Мин бастаан текстильнай куукулалартан саҕалаабытым. Дьарыгырбытым икки эрэ сыл буолла. Бэйэм иистэнньэҥмин. Уобарастарбын тиэмэнэн тигэбин. Холобур, быйыл Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан холкуос бэрэссэдээтэлин,олоҥхо ыһыаҕар анаан Ноорой олоҥхоһуту оҥордум. «Якутия
мастеровая» быыстапкаҕа бастаабыппыт.
Степан Владимирович Афанасьев:
Үлэм быыһыгар хобби курдук дьарыктанабын. Бэйэм 1989 сыллаахха СГУ-ну бүтэрбитим. Иллэҥ кэммэр сөбүлээн уһанабын, хартыына эмиэ уруһуйдуубун, үксүн айылҕаны ойуулуубун. Иккиэрин солбуһуннара сылдьан дьарыктанабын. Бэйэм идеялаан, толкуйдаан оҥробун, быыстапкаларга сырыттахпына эмиэ идея киирэр. Саха сирин кэрэ айылҕатын, кыылын көрдөрө сатыыбын. Ону тэҥэ улахан, уопсай үлэлэр бааллар: саха иһиттэрэ, шкатулка. Инник былааммар саха остуолун, олоппоһун көрдөрөн комплект оҥоруохпун баҕарабын.
Владимир Афанасьевич кэрэ көстүүлээх оҥоһугун бар дьон хайҕыы көрөр, хаартыскаҕа түһэрэр.
Дьэ, бу курдук уран тарбахтардаах уустардарбытыгар, иистэнньэҥнэрбитигэр дьоһун түһүлгэ тэрийбиттэригэр махтал буолуохтун!
Кристина Иванова