Хата, быйыл “Саха” НКИХ сериаллары устан көрдөрөн, киэһэ аайы ону кэтэһэн-манаһан, кыһыҥҥы уһун киэһэлэри бэрт сэргэхтик атааран эрэбит.
Аныгы олоҕу ойуулуур “Ааспыт ааспат амтанын” кэнниттэн аны билигин сэбиэскэй кэми кэрэһилиир “Сүлүһүннээх тапталы” сэргээн көрөбүт.
Онуоха киһи барыта: “Оҕолор бэркэ оонньообуттар”, — диэн хайгыылларын истэбит, форумнартан, комментарийдартан ааҕабыт. Чуолаан Лөглөөнү уонна Куоканы бэлиэтээн этэллэр.
Бу икки оҕо сериал уһуллубут сиригэр — Чурапчы улууһун Бахсытыгар – орто оскуолаҕа үөрэнэллэр: Байдам Местников (Лөглөө) алтыска, Артем Аммосов (Куока) төрдүс кылааска.
— Олохтоохтортон эһиги иккиэн эрэ уһуллубуккут дуо?
— Суох, төрдүөбүт: Жанна Барашкова (Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ), Алексей Ходулов (Ыстапаан Ыстапаанабыс). Онтон атыттар бары кэлиилэр: Саха, Ньурба театрдарыттан, НВК-тан, Култуура колледжын устудьуоннара. Байдамныын дьиҥ олохпутугар эмиэ доҕордуубут ээ. Бииргэ үөрэнэр табаарыһым Харысхан бииргэ төрөөбүт убайа. Үһүөн бииргэ оонньооччубут. Иккиэммитин элбэх оҕоттон сүүмэрдээн талбыттара. Миигин тылбын түргэнник өйдүүрбүн иһин. Ээ, уонна “необычнайым” иһин, — диир Артем АММОСОВ.
— Ханна, хайдах, төһө өр устубуттарай?
– Икки ый курдук. От ыйын ортотуттан. Бахсыттан көс кэриҥэ (10 км) тэйиччи сытар Былатыанапка диэн сайылыкка. Онно олорор дьиэлэрбит бааллар. Онтон сүөһүлэри, ньирэйдэри эҥин Наттаабайга устубуттара. Бу икки сайылык бэйэ-бэйэлэриттэн чугастар.
Наттаабайга хонорбут. Биһиги Байдамныын кини аймахтарыгар Ульяна Николаевналаахха. Местниковтарга. Дэриэбинэҕэ кэлэ-бара сылдьарбыт. Көр, ити сериалга барыта бэрээдэгинэн, биир сюжетынан баран иһэр дии. Дьиҥэр, хас биирдии түгэни тус-туспа уһулбуттара ээ. Холобур, миигин бастаан ороҥҥо сытан ытыырбын. Онтукам кэлин хаһыс эрэ серияҕа баара дии. Араас сиргэ уһуллубут хартыыналары үчүгэй баҕайытык ситимнээн, холбоон (монтажтаан) кэбиһэллэр эбит.
Сарсыарда 5 чаастан устан саҕалыыллара. Биир сыананы хаста эмэ. Оннук күнү быһа. Сылайаҕын. Ол иһин биирдэ ороҥҥо уһулла сытан, устунан утуйан хаалбыт этим. Уһуктубутум – дьиэҕэ ким да суох. Хараҥарбыт. Куттаммытым, таһырдьа ойон тахсыбытым.
Оҕолор күнүс наар сөтүөлүү барарбыт. Ардыгар уһаан хаалан сэмэлэнэрбит. Биһигини күүтэн олорор буолааччылар.
“Тылгытын умуннаххытына, импровизациялыыр көҥүллэнэр”, — диэбитэ редакторбыт Марфа Дмитриевна Пермякова. Ол иһин ардыгар бэйэбититтэн айабыт эҥин. Тугу гынарбытын режиссер Елена Николаевна Эверстова ыйан, быһааран, этэн биэрэрэ. Ону тута оҥорорбут.
—Эн оруолуҥ оҕо оонньууругар уустук соҕус: ыалдьаҕын, түлэкэдийэҕин, өлбүт ньирэйдиин кэпсэтэҕин…
— Ити Эриэнчикэйи 5-тээх укуолунан утуппуттара. Кинилиин кэпсэтэрбитин уһула турдахтарына, кулгааҕа хамсаан ылбыта. Ол иһин эбии 6-лаах укуолу биэрбиттэрэ. Онно дьиҥнээхтик өлбүт курдук сыппыта. Уһуктан да баран, чаас курдук сатаан хаампатаҕа. Чөлүгэр түһэрээри, уу бөҕөтүн таһан иһэрдибиппит. Онно үчүгэй буолан турбута. Бары үөрбүппүт.
— Көрдөөх түгэн буолбута дуо, уһулла сырыттаххытына?
— Мин өтөхтөн мас оонньууру булар түгэммин барытын устан бүтэн эрдэхпитинэ, сайылык олохтоохторо Бочуоктаах аҕаларын кытта матасыыкылынан элээрдэн ааспыттара. Тыастара наһаа улаханнык иһиллибитэ. Хайыахпытый, барытын хаттаан устубуппут. Аны, эппитим курдук, ытыырбыттан устан саҕалаабыттара. Бастакы күн буолан, хайдах эрэ долгуйаммын, сатаан ытаабатаҕым. Ол иһин мин оннубар, оронум анныгар сытан, Лөглөө ытаабыта буолан сыҥсырыйбыта. Кэлин хараҕым уутун бэйэм ыган таһаарар буолбутум.
— Өссө киинэҕэ уһуллуоҥ этэ дуо?
—Билбэтим… Мин баҕа санаам тугун этэбин? Футболист буолуохпун баҕарабын. Иккис кылаастан футболунан дьарыктанабын, күн аайы куруһуокка сылдьабын. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Икки “4”-тээхпин.
— Оскуолаҥ оҕолоро сериалы көрөллөр эбит дуу?
— Көрөн. Миигин Куока дииллэр. Киинэҕэ уһулларбын сөбүлээтим. Наһаа үчүгэй этэ, сайылыкка. Суоппар Александр Елегяев биһигини, оҕолору, массыынаҕа олордон хатааһылатара. Өссө артыыстар мороженай, сок ылан биэрэллэрэ. Майя Слепцова, киинэҕэ кытаанах майгылаах Өкүлүүнэ, ордук атаахтатара. Кини эмиэ Бахсыттан төрүттээх эбит. Ньурба театрыгар үлэлиир.
Уһуллан бүппүтүн кэннэ, айар бөлөх биһиэхэ махтанан, 500 солкуобайдаах карточка, “Кока-Кола”, НВК магнитигын, флешка-уруучуканы уонна Махтал суругу туттарбыттара. Үөрбүппүт аҕай.
— Артем, олус чобуо, сытыы-хотуу, улахан киһи курдук лоп-бааччы саҥалаах, дьоһуннаах кэпсээннээх эбиккин. Өрүү бу курдук сайдам-сайаҕас, боччумнаах, ситиһиилээх буол!
Кэпсэттэ Анисия Иевлева.
2 2
Хороший сериал
Үөрэнээччибинэн Артеммунан киэн туттабын! Маладьыас! Мин дойдум, Мин дьонум!