Бүгүн дьон- сэргэ үгүс болҕомтотун тарпыт «Сүлүһүннээх таптал. Эргиллии» сахалыы сериал сабыылаах сүрэхтэниитэ буолла. Сериалы сэтинньи 4 күнүттэн НВК канаалга көрдөрүөхтэрэ. 16 сиэрийэ 40 мүнүүтэ устата көстүөҕэ. Иккис сезоҥҥа билиҥҥи кэм ойууланыаҕа. Туруорааччы режиссер Елена Эверстова, сүрүн оруолларга: Андрей Михайлов, Александра Сивцева, Георгий Бессонов, Евгений Тоскин, Дмитрий Михайлов оонньуохтара. Онон сотору кэминэн көрөөччү киэҥ араҥатыгар тахсаары турар сериалы долгуйа күүтэбит.
Сериал сценариһа, Сахабыт сирин биир талааннаах суруналыыһа, суруйааччы Сардаана Сивцева – Даана Сард биһиги хаһыаппыт юнкора буолар.
Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан аан маҥнай суруйбут кэпсээнэ биһиги хаһыаппытыгар бэчээттэммитин булан көрдөрбүппүгэр маннык диир:
Ити кэпсээн тахсыбатаҕа буоллар бу сериал көстөрө саарбах. Тоҕо диэтэххэ, мииигин инньэ таһаарбыттарыгар олус үөрбүтүм. Билигин хаһыакка тахсар судургу эбит буоллаҕына, урут олох атын этэ. Атын оҕолор суруйбуттарын ааҕа- ааҕа уһулуччу эрэ оҕолор бэчээттэнэллэр дии саныыр этим. Оҕолор сүрдээхтик суруйаллара, почтаны эрэ кэтэһэр этибит, оннооҕор мин түһээччибин, почта дьааһыгын арыйабын уонна элбэх хаһыат, сурук туппуппун. Аҥаардас хаһыат сыта күндү буоллаҕа дии. Ону биирдэ мин эмиэ ити кэпсээммин ыыппытым, ол ыытан баран олус кэтэстим, почта кэллэҕин аайы хаһыаппын арыйан көрөбүн, онтон сотору соҕус буолан баран дьэ кэллэ ээ. Оскуолаҕа тиийбитим олох «звезда» буолбуппун, «Бэлэм буолга бэчээттэммит үһү» — диэн. Билигин көрдөхпүнэ хата сүрдээҕин суруйбут эбиппин дии саныыбын. Ол кэмҥэ бэчээттээбэтэхтэрэ буоллар, миэхэ маннык кынат буолбат. Онон барыта онтон саҕаламмыта. Кэпсээммин таһаарбыттарыгар барыларыгар наһаа махтанабын. Ити түгэн суоҕа буоллар, мин суруналыыс да, салҕыы суруйар дьоҕурбун да сайыннарыа суох этим.
Бу курдук оҕолор, эһиги эмиэ хаһыакка суруйун, ааҕыҥ. Суруйар дьоҕургутун сайыннарыҥ. Баҕар Сардаана Сивцева курдук эмиэ талааннаах суруналыыс дуу суруйааччы дуу, оннооҕор маннык интириэһинэй киинэ сценариһа дуу буола улаатыаххыт!
Ааптар: Зинаида Григорьева
Фото: Василий Пак