Үһүс көлүөнэ оскуолата «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтигэр 2014 сыллаахтан үлэлиир, салайааччы Людмила Прокопьевна Павлова. Билигин түмсүүгэ 25 аҕа саастаах үөрэнээччи дьарыктанар.
Эбээлэрбит улуустардааҕы, республикатааҕы, аан дойдутааҕы быыстапкаларга, куонкурустарга элбэхтик кыттыбыттара, миэстэлэспиттэрэ. Бу сылларга уруһуйдуурга эрэ буолбакка, декоративнай- прикладной искусство бары көрүҥнэрин кэриэтэ үөрэттилэр. Холобур: гуашь кыраасканан сөптөөхтүк уруһуйдааһын, маска, таҥаска, тааска роспись, туустаах тиэстэнэн оҥоһук оҥоруу, декупаж, гильоширование, витраж, бисероплетение киэргэли оҥоруу сатабылларын ыллылар. “Саха сатаабатаҕа суох” бириинсибинэн салайтаран сатаабаттарын сатаан, оҥорботохторун оҥорон олус астына, дуоһуйа сылдьаллар. Сатабылга дьарыктана кэлэллэрин олус кэтэһэллэр.
Ол курдук, тохсунньу томороон тымныытын аахсыбакка, үһүс көлүөнэ оскуола уруһуйдьут эбээлэрэ, кэрэни- сырдыгы айар дьоҕурдарын салҕыы оҕо Сатабылын дьиэтигэр бу дьыл 24 күнүгэр үөрэ- көтө муһуннулар. Икки чаас иһигэр айылҕа кэрэ көстүүлэрин холустаҕа көрүөхтэн кэрэ гына ойуулаан-айан таһаардылар.
Эбээлэр сыалларын ситэн үөрүү- көтүү аргыстаах, аныгыс үөрэҕи кэтэһэ, дьиэлэригэр тарҕастылар.
«Сатабыл» медиа-студия
«Сатабыл» Тааттатааҕы оҕо айымньытын дьиэтэ.