Көлүөнэ көлүөнэни утумнуур үтүө үгэс саха норуотугар былыр-былыргыттан баар. Ол үтүө үгэһи халбаҥнаппакка тутан олорор ыал дьону киһи ытыктыы көрөр. Кинилэр бүтүн норуот үтүө үгэһин дьиэлэрин-уоттарын сылаас эйгэлэригэр бүөбэйдээн, олоҕу тыыннаан олороллор.
Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр үс көлүөнэ Герой-Ийэлэр оҕо-уруу төрөтөн, иитэн-такайан улахан олох суолугар үктэннэрэн, уопсастыбаҕа туһалаах дьону иитэн таһаарбыттара.
Халыҥ аймах Новиковтарга элбэх оҕолонууну төрүттээбит киһилэринэн эбэлэрэ Елена Петровна Новикова буолар.
Кини 1919 сыллаахха Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сааһын тухары ыанньыксыттаан, илиитин хара үлэттэн араарбатах туруу үлэьит дьахтар этэ. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох Өлөөнө эмээхсин олус сайаҕас, истиҥ иһирэх майгылааҕа. Кэргэнэ эмиэ Эмис нэһилиэгин төрүт олохтооҕо Степан Петрович Новиков диэн 1910 сыллаах төрүөх. Уоттаах сэрии толоонугар саа-садах тутан эйэлээх олох иһин турууласпыта.
Уоттаах сэрии ортотунан ааспыт туоһутунан өстөөх буулдьатын сүнньүгэр сүгэн олоҕун устатын тухары илдьэ сылдьыбыта. Сэрии толоонуттан инбэлиит буолан кэлбит эдэр киһи, Аҕа дойду сэриитин уот кураан сылларыгар 1943 сыллаахха Өлөөнөтүн кэргэн ылан ыал буолбута. Онон Новиковтар удьуордара ууһуур, кэскиллэрэ тэнийэр аналларын оҥкула сэрии уот кураан сылларын кэмигэр ууруллубута. Оччотооҕу кыһалҕалаах олох Өлөөнөлөөх Ыстапааһаны биир өйгө-санааҕа түмэн, эдэр дьон бигэ тирэхтээх ыал буолалларыгар туспа тургутууну аһардыбыта. Төһө да кыһалҕалаах кэмнэр ааспыттарын иһин, уон оҕону төрөтөр аналлаах ыал үлэни өрө тутан, оҕолонон-урууланан, олохторун кэскилин тэнитэн испиттэрэ. Кинилэр олохторун уйгутун Сэбиэскэй сойуус ыһыллыар диэри олохсуйан олорбут тапталлаах алаастара Ураһалаах эмиэ оҥорсубута. Новиковтар 11 оҕолоро бары бу алааска – Ураһалаахха күн сирин көрбүттэрэ. Кинилэр олоххо бастакы хардыылара бу алаастан – Ураһалаахтан саҕаламмыта.
«Биирдэ бэриллэр олохпутугар ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар алаас ахтылҕана диэн тугун билбит дьоллоох дьоммут ээ, биһиги», – диэн Елена Петровна уонна Степан Петрович Новиковтар оҕолоро билигин ийэлээх аҕаларын махтал тылларынан ахталлар.
Уот сэрии ортотунан 1943 сыллаахха Новиковтар бастакы уоллара Ыстапаан күн сирин көрөр. Уоттаах сэрии түмүктэнэр, Улуу Кыайыы үүнэр сылыгар – 1945 сыллаахха – иккис уоллара Петр төрүүр. Онтон утуу-субуу Анастасия, Василий, Николай, Мавра, Мария, Елена, игирэлэр Акулина уонна Иосиф, оһоҕос түгэҕинээҕи кыыстара Земфира күн сирин көрөллөр.
Ити курдук Ураһалаах алаас чуумпу эйгэтигэр бүөбэйдээн, 11 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт ытык ийэ Ийэҕэ Албан аат уордьан I, II, III степеннэринэн наҕараадаламмыта. Онтон 1964 сыллаахха Герой-Ийэ үрдүк аатын сүкпүтэ. Елена Петровна Новикова киэҥ, холку көҕүстээх саха дьахтарын быһыытынан оҕолоругар, сиэннэригэр, Эмис нэһилиэгин үүнэр ыччатыгар үтүө холобур буолбут кырдьаҕас.
Елена Петровна уонна Степан Петрович Новиковтар 80 саастарын ааһан баран, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин сылаас, истиҥ сыһыаннарын сыттыктана сытан, олохтон туораабыттара.
***
1966 сыллаахха Ураһалаах алааска Өлөөнөлөөх Ыстапааһа иккис уоллара Петр Степанович кийиит кыыһы сүгүннэрэн аҕалбыта.
– Кийиит кыыс диэтэххэ, киһи эдэр кыыһы саныы түһэр дии. Онтон мин 27-бэр үктэммит киһи кийиит буолан кэлбитим. Эбээлээх эһээ дьиэлэригэр киирбит күммүн умнубаппын. Наһаа ураты сылаас, истиҥ эйгэ баара. Эбээ Өлөөнө наһаа сымнаҕас киһи этэ. Наар үөрэн мичилийэ сылдьара. Биирдэ да кыыһыра-тымта сылдьарын көрбөтөҕүм. Эһээбитин наһаа бүөбэйдиирэ. Сүнньүгэр баар өстөөх буулдьата кэмиттэн кэмигэр санатан, ыарытыйар этэ. Дьэ ону эбээ Ураһалаахха үүнэр эмтээх отторунан эмтээн уҕарытара. Көр, ол тухары эһэбит биирдэ да балыыһаҕа баран көрдөрбөтөҕө. Өлөөнөтө эмтиирин туохха да биэрбэт этэ. Бэйэ-бэйэлэригэр наһаа харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Эбээ хаһаайка быһыытынан асчыт да асчыт этэ. Ураһалаахха туох уота-күөһэ кэлиэй, итиччэлээх элбэх киһи килиэбин, аһын-үөлүн барытын оһоххо астыыра. Оо, онно эбээ тулуурун наһаа да сөҕө санаабытым, – диэн билигин 86 саастаах, Новиковтар улахан кийииттэрэ, Герой-Ийэ Татьяна Никифоровна кэпсиир.
Татьяна Никифоровна Новиковтар халыҥ аймахтарга иккис көлүөнэ Герой-Ийэ. Кэргэнинээн Петр Степановичтыын бииргэ ыанньыксыттаан, сэбиэскэй кэмҥэ үрүҥ илгэни үрүлүппүт аҕай дьон. Ыанньыксыт сыралаах үлэтин кытта 11 оҕоҕо – Аполлоҥҥа, Павелга, Никифорга, Петрга, Степаҥҥа, Матренаҕа, Иннокентийга, Туяраҕа, Егорга, Еленаҕа уонна Коляҕа күн сирин бэлэхтээбиттэрэ. 1977 сыллаахха Татьяна Никифоровна Герой-Ийэ үрдүк аатын ылбыта.
Өссө оҕо сылдьан Татьяна Никифоровна эбэтэ биэрэр сыыс таҥаһынан оҕо оҥорон, онтукаларын төрөтөн-ууһатан күнү билбэккэ оонньуура.
– Ол сыахай оонньуу инники дьылҕабын таайбыт да эбит, 11 оҕону төрөтөр дьылҕабын таайан, оонньоон эрдэҕим. Оҕо оонньоон олоҕун оҥостор дииллэрэ кырдьык эбит, – диэн оҕо сааһын туһунан кэпсиир.
– Биир да өрөбүлү, бырааһынньыгы билиммэт ыарахан үлэҕэ сылдьан, итиччэ элбэх оҕону барытын хайдах таба тутан иитэн, киһи гынан таһаарбыккыный, билигин биһиэхэ, эдэр ийэлэргэ, биир-икки оҕо көрүүтэ ыарахан курдук ээ, – диэн ыйыппыппар Герой-Ийэ, – Ким билэр, элбэх оҕолоох буолан эрэйи-муҥу көрө сылдьабын, тугу аһатабын, тугу таҥыннарабын диэн толкуйга түбэспиппин өйдөөбөппүн. Хата, баччалаах халыҥ аармыйа тоҕута түһэн, хотоҥҥо үлэбин ким хайа иннинэ бүтэрэ охсон, сынньалаҥнык сылдьарым, атыттар ымсыыраллар этэ. Оҕолорбутун үлэ нөҥүө ииппиппит. Аны Ураһалаахха олоробут. Оҕолорбут бары тутуспутунан Ураһалаахтан дэриэбинэҕэ оскуолаларыгар сатыы кэлэн үөрэнэллэр этэ. Бээ, Ураһалаах бөһүөлэктэн балайда тэйиччи ээ. Дьэ, онно сүүрэн-көтөн, эт-хаан өттүнэн чэгиэн-чэбдик буола улааппыттара. Оҕолорум бары кэриэтэ спорду өрө туппут дьон. Аны эһэлэриттэн Степан Петровичтан бэриллибит үтүө өрүттээхтэр. Ол булка-аска сыстаҕастара буолар. Олоххо түһүү-тахсыы баар бөҕө буоллаҕа дии. Ол кэмҥэ өйүүр, тирэх буолар дьонум – оҕолорум. Иккис уолум Павел армияҕа сулууспалыы сылдьан, олохтон туораабыта. Улаатыннарбыт, атаххар туруорбут бүтүн киһиттэн ытыскын соттон хаалар олус абалаах этэ. Ол гынан баран, кэннибэр атын оҕолорум бааллара. Онон тулуйуохтаахпын, аттыбар баар оҕолорум туһугар олоруохтаахпын өйдөөн ити сүтүкпүн арыычча аһардыбытым, – диэн кэпсиирин истэ олорон саха дьахтарын киэҥ, холку майгытыгар сүгүрүйэҕин эрэ.
Татьяна Никифоровна кэргэнинээн Петр Степановичтыын 35 сыл эйэ-дэмнээхтик олорбуттара. 2000 сыллаахха муус доруобай кэргэнэ оһолго түбэһэн, орто дойдуттан барбыта. Бу ыар аһыытын Герой-Ийэ оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин өйөбүллэринэн уҕарыппыта.
Билигин Новиковтар күн сырдыгын бэлэхтээбит оҕолоро олохторун оҥостон дьиэлээх-уоттаах, оҕолордоох-уруулардаах ыал дьон. Удьуор утума 100-тэн тахса сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар.
***
1990 сыл. Татьяна Никифоровна, Петр Степанович Новиковтар ахсыс оҕолоро – Туяралара Сергей Устиновтыын ыал буолар, кэскил тэринэр. Эдэр дьон иккиэн Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх буолан, дойдуларыгар олохсуйаллар. Утуу-субуу оҕолоро Саша, Герман, Эльза, Айза, София, Туяра, Прохор, Игнатий, Сережа, Танюша күн сырдыгын көрөннөр, Туяра Петровна Герой-Ийэ үрдүк аатын сүкпүтэ. Онон Туяра Петровна Устинова – Новиковтар аймахтарга үһүс көлүөнэ Герой-Ийэ.
Көлүөнэ ситимнэһиитин ураты дьылҕатын сүкпүт кыыс Туяра онуоха туох да киһи соһуйара суоҕун туһунан кэпсиир. Арай кыра эрдэҕиттэн элбэх бииргэ төрөөбүттэрин ортотугар, халыҥ аймах кэккэтигэр мэлдьи харысхаллаах, халыҥ хаххалаах курдук сананан, элбэх аймахтаах, бииргэ төрөөбүттэрдээх үчүгэйин билэ улааппыта. Аны аттыгар куруук үөрэн мичилийэ, сүбэ-соргу биэрэ сылдьар эбээ Өлөөнөтө саҥата суох түбүгүрэрэ. Онон Туяра, бэйэтэ да билбэтинэн, дьиэ кэргэн маннык элбэх киһиттэн бигэ тирэхтээх, чиҥ буолар диэн өйдөбүллээх улааппыта.
– Эбээ Өлөөнө да, ийэм да эр киһини, оҕону олус үрдүктүк туталлара. Эбээ оҕолорун барытын дьиэтигэр төрөппүт буолан: “Дьахтарга дьиэтигэр төрүүрүн курдук куһаҕан, кутталлаах туох да суох”, – диэн этэрэ. Ол иһин төрүүр кэмим чугаһаата да балыыһаҕа киирэ охсорбор, төрөөн баран хайдах харыстанарбар элбэх сүбэни биэрэрэ.
Герой-Ийэ буолбутугар эбээбэр судаарыстыба 20 миэтэрэ сатыын таҥаһы биэрбитин туохха да тэҥнээбэт улахан үөрүүтэ быһыылааҕа. Наһаа астынан олорон кэпсиирэ.
“Уон төгүл төрөөбүт дьахтар төрүүрүн туохха да уурбат” эҥин диэн тыллары олоххор син биир истэҕин. Эбэм, ийэм уонна мин бэйэм Герой-Ийэ буолан олороммут биири саныыр эбиппит – уон төгүл төрөөбүт дьахтар уон төгүл араастык долгуйар, ийэ буолар дьолун үөрүүтүн уон төгүл билэр. Төһөнөн төрөөн-ууһаан иһэҕин да, санаан, олоххо көрүүҥ биир оннук тэнийэн, кэҥээн, сүрэҕин иэйиитэ, тапталын улаатан, үрдээн иһэр, – диэн биһиги кэммит Герой-Ийэтэ Туяра Петровна Устинова санаатын үллэстэр.
– Эбэбит Өлөөнө ас-таҥас кырыымчык кэмигэр бэйэтин сатабылынан, мындырынан 10 оҕону ииппит ийэ. Оттон биһиги ас-таҥас дэлэй, харчы-хамнас биир кэмҥэ кэлэн иһэр сэбиэскэй кэм саамай үтүө кэмин баттаһа 11 оҕону атаҕар туруорбут туһугар эмиэ дьоллоох дьоммут. Туяра олох атын тутуллаах олоххо элбэх оҕону төрөппүт ийэ. Ол гынан баран, ханнык да кэмҥэ олор, оҕо, дьиэ кэргэн олоххо суолтата уларыйбатын эбээ Өлөөнө, бэйэм уонна кыыһым холобурдарыгар көрөбүн, – диир Татьяна Никифоровна.
10 оҕолоох аныгы кэм ыала Устиновтар оҕолорун үс көлүөнэ ситимнэнэн кэлбит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үтүө холобуругар иитэллэр.
Эт-хаан өттүнэн чэбдик киһи өйө-санаата эмиэ сэргэх, олоххо ситиһиилээх буолар диэн Устиновтар дьиэ кэргэҥҥэ суруллубатах сокуон баар. Бу сокуон чахчы олоххо дьайар күүстээх эбит диэн итэҕэтэр киһилэрэ убайдара, биллэр тустуук, Аан дойду чемпиона, Россия спордун маастара Герман Устинов буолар. Кини тула эргийэр бырааттара, балтылара ситиһиилээх дьон буолар туһугар күннэтэ туруулаһаллар. Саша, Эльза, Айза, София, Туяра, Прохор улахан олох суолугар үктэммит дьон. Игнатий, Сережа, саамай кыралара, эбэтин Герой-Ийэ аатын сүгэр Танюшалара оскуола дьоно.
Ыал аҕата Сергей Анатольевич оройуон, нэһилиэк общественнай олоҕун биир көхтөөх кыттааччыта этэ. Устиновтар “Аҕа күрэҕин” хас да төгүллээх кыайыылаахтара.
Сергей Анатольевич: “Уол оҕону уол оҕо курдук булка-алка, спорка, үлэҕэ сыһыаран иитэр сөптөөх дии саныыбын. Үлэ, спорт, булт дьиэ кэргэни түмэр күүстээхтэр. Бэйэм бултаан-алтаан, эр киһи быһыытынан дьиэ кэргэммин хаччыйабын”, – диэн кэпсиир буолара.
Сергей Анатольевич ийэтигэр София Александровнаҕа соҕотох уол этэ. Ол соҕотох бэйэтэ уон төгүл тэнийэн, ийэтигэр уон төгүл эбээ буолар үөрүүтүн бэлэхтээн бу орто дойду олоҕуттан олус эрдэ туораабыта.
***
Үс көлүөнэ Герой-Ийэлэр дьиэ кэргэттэрэ, кинилэр тэниппит халыҥ аймахтара бэйэ-бэйэлэригэр холобур буолан, олох кэскилин тэнитэллэр. Новиковтар халыҥ аймахтарын бииргэ түмэр, сомоҕолуур үс көлүөнэ Герой-Ийэлэр оҕону, ыччаты иитиигэ бэрт судургу эрээри дьиэ кэргэн аайы кыаллыбат сүрүн тутуллара – тэлгэһэттэн ырааппакка дьиэ кэргэн, бииргэ төрөөбүт, ийэ, аҕа, эбээ, эһээ үтүө холобударыгар олоҕуран иитии. Ону кыайа туппут дьон буолан, бу халыҥ аймахха көлүөнэ көлүөнэни ситимниир, көлүөнэ көлүөнэни утумнуур өбүгэ үтүө үгэһэ чиҥник олохсуйбут.
***
Ааһан эрэ 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Ону түмүктүүр улахан тэрээһиҥҥэ 86 саастаах Герой-Ийэ кыргыттарын Туяра Петровна Устинованы, Елена Петровна Золотованы, сиэннэрин Прохоры, Сережаны, Игнатийы, Танюшаны, Алинаны, Сашеньканы кытта ахсынньы 15-19 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка баран кэллилэр.
– Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Ийэбит этэҥҥэ сылдьан үөрэн-көтөн кэллэ. Москваҕа Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володины кытта көрсүһүү Сойуус дьиэтин Колоннай саалатыгар буолла. Арассыыйа 80-тан тахса регионуттан кэлбиттэр. Биһиги Саха сириттэн элбэх оҕолоох уонна үс көлүөнэ Герой-Ийэлэр быһыытынан кыттыыны ыллыбыт. Бу тэрээһиҥҥэ Вячеслав Володин Станислав Говорухин мэтээлин туттарда. Маннык наҕарааданы түөрт киһи туттубут. Олор истэригэр биһиги. Наһаа долгутуулаах этэ. Саҥа дьыллааҕы Москваны көрөн, оҕолорбут, сиэннэрбит астынан аҕай кэллилэр. Маннык түгэни бэлэхтээбит үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр, улууспут социальнай харалтатын управлениетыгар, нэһилиэкпит, кулууппут салалтатыгар, суоппарбытыгар Вячеслав Гаврильевка, «Көлүкэчээн», «Далбар» ансаамбылларга, биһигини өйөөбүт биир дойдулаахтарбытыгар барыларыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит, – диэн Туяра Петровна Устинова үөрүүтүн үллэһиннэ.
Сардаана МАТВЕЕВА