Таатта улууһун Ытык-Күөл сэлиэнньэтигэр удьуордаан туран үлэни өрө тутар, биир идэнэн утумнаан дьарыктанар ыал элбэх. Ол курдук Пахомовтар дьиэ кэргэн учуутал идэтин талан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биһиги Тааттатааҕы лиссиэй математика учууталын Анна Ивановна Татаринованы кытта көрсөн кэпсэттибит.
– Бэйэҥ дьиэ кэргэнин туһунан билиһиннэриэҥ дуо?
– Биһиги Татариновтар дьиэ кэргэн 2001 сылаахха ыал буолбуппут. Аҕа баһылыкпыт Петр Елизарович Таатта улууһун дьаһалтатыгар экономика салаатын начальнигынан үлэлиир. Мин Тааттатааҕы лиссиэйгэ 2005 сылтан математика учууталынан үлэлии сылдьабын. Мааны кыыспыт Аксиния ДВФУ математика уонна информатика салаатын бүтэрбитэ, билигин транспортнай агенствоҕа үлэлии сылдьар. Улахан уол Андрей ДВФУ «информационная безпасность» салааҕа 2-с курс студена. Кыра уолаттар Елизар Тааттатааҕы лиссиэйгэ 7 кылааска, Виктор А.Д. Петров аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа 3 кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар.
– Эн төрөппүттэриҥ, эбэлэриҥ уонна эһэлэриҥ идэлэрэ?
– Мин эбэлэрим Сивцева Анна Ивановна үрүҥ ас собуотун үлэһитэ, Пахомова Анна Яковлевна нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Эһэлэрим Павлов Семён Дмитриевич суот-учуот үлэһитэ, Дэбдиргэҕэ ааҕар балаҕаны тэрийбит маҥнайгы библиотекарь, кэлин интернат сэбиэдиссэйэ, Пахомов Иван Николаевич математика учуутала этилэр. Ийэм, Пахомова Софья Семеновна, алын сүһүөх кылаас учуутала. Аҕам, Пахомов Иван Иванович, технология учуутала.
Биһиги аймах удьуордаан туран учуутал идэтин баһылаабыппыт. Ол курдук эһэм бииргэ төрөөбүт убайа, Василий Николаевич, эһэм Иван Николаевич, эбэм Анна Яковлевна, эбэм бииргэ төрөөбүт убайа Филипп Яковлевич, аҕам бииргэ төрөөбүт убайа Николай Иванович, аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа Елизавета Ивановна, аҕам, ийэм уонна мин учуутал идэтин баһылаабыппыт. Онон Пахомовтар дьиэ кэргэн уопсайа 306 сыл ыстаастаах учууталлар династиялара буолабыт.
– Эн санааҕар дьиэ кэргэҥҥэ оҕону үлэнэн иитии сүрүн ирдэбиллэрэр тугуй?
– Биһиги дьиэ кэргэн, бастатан туран, оҕону үлэнэн иитии саамай сүрүн ньыма дии саныыбыт. Хаһан да бу кыыс оҕо үлэтэ, бу уол оҕо үлэтэ диэн араарбаппыт. Оҕо барыны-бары сатыыр буола улаатыахтаах. Иккиһинэн, бэйэ холобурунан, оҕону бииргэ илдьэ сылдьан, тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, тутан-хабан үөрэтиини ордоробут. Үсүһүнэн, толоруллар үлэ үтүө суобастаахтык толоруллуохтаах, тиһэҕэр тиэрдиллиэхтээх, түмүктээх буолуохтаах диэн үөрэтэбит. Төрдүһүнэн, бириэмэни сөпкө аттарыы түмүгэр элбэх дьыала кыалларын өйдүүллэрин ситиһэ сатыыбыт. Бэсиһинэн, хайдах да балаһыанньаҕа төрөөбүт дойдуга, ийэҕэ-аҕаҕа таптал, ытыктабыл, ыкса сибээс баарын тиэрдэбит. Хаан уруу аймахтарын, төрүччүлэрин билэллэригэр кыһаллабыт.
– Анна Ивановна, кэпсээниҥ иһин махтал!