Иэс иэскэ
Арай биирдэ биир дэриэбинэҕэ Лэгэнтэй диэн баай киһи олорбута эбитэ үһү. Кини бэйэтин эрэ билиммит, «мэ» диэтэххэ мичик гынар, «ыл» диэтэххэ ымах гынар, оттон «кулу» диэтэххэ курус гынар, «аҕал» диэтэххэ антах хайыһар эбит, уунарын умнан кэбиспит, биэрэрин бэскэ ыйаабыт, быһатын эттэххэ, томтойо байбыт, торолуйа топпут киһи эбит.
Биирдэ киниэхэ, оҕо саастарыгар кулуннаах биэ курдук куодарыспыт, доҕоро Өлөксөй кэлбит. Кини барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан урукку доҕоругар көрдөһө кэлбит. “Доҕоор, Лэгэнтээй, эттэ бэрсиэҥ дуо?”, — диэбит Өлөксөй. Дьэ, доҕоор, урукку доҕоро онуоха муостаны тиҥилэхтээбит, хаһыытаан тоҕо барбыт: «Туохха манна кэллиҥ?! Миэхэ эт да суох, туох да суох! Тахсан бара тур! Икки харахпар көстүмэ!». Өлөксөй барахсан «тот дохсун, баай бардам» дии санаабыт уонна аргыый аҕай тахсан барбыт.
Хас да күн ааспыт, Лэгэнтэй атын миинэн ыраах баар ходуһаларын кэрийэ баран истэ. Санаатыгар кини хамначчыттара түөстэригэр силлии-силлии сытар курдуктар. Онон бэйэтэ баран илэ хараҕынан көрөн кэллэҕинэ сатаныыһы. Итинник санаалара кинини ыксатаннар атын быһа кымньыылаата. Онуоха ата соһуйан өрө мөхтө да, иччитин охтороот, буута быстарынан ыстаннара турда.
Лэгэнтэй атыттан охтоору атаҕын ыарыппыт, сатаан турар кыаҕа суох эбит. Чугаһынан ким да суох. Көмө көрдөөн уйатыгар уу киирэн, ый-хай бөҕөнү түһэрбит да туһа суох. Арай ол сыттаҕына, аттынан Өлөксөй ааһан иһэр эбит. Лэгэнтэй хараҕа сырдаабыт, үөрэн сири билбэт буолбут. «Доҕоор, Өлөксөөй, күн буол, ый буол, кытаат көмөлөс!», — диэбит. Онуоха Өлөксөй: «Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ диэни истибитиҥ дуо? Билигин баскынан тур, атаххынан тур, мин эйигин быыһыыр-абырыыр санаам суох. Топпуккун тобугуҥ уйбакка үтэһэҥ туолла дуо?», — диэбит уонна ааһа бара турбут.
Эмилия Заболоцкая, 5 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.