Кэҕэ
Оҕолоор, кыратык болҕойон истэ түһүҥ эрэ. Эһиги «Кэҕэ» остуоруйаны биирдэ эмит истибиккит? Туох туһунан кэпсэниллэрий, ким эмит санааҕа түстэ дуо, хайдах ылынна, аһынна, аһыйда?
Кылаас иһигэр дьиҥнээх сахалыы эйгэ ураты тыына биллибит: сахалыы саахыматынан тигиллибит олбохтор, байбаччы-сайбаччы таҥныбыт кыргыттар уонна уолаттар. Оттон кылаас иннигэр күлүк тыйаатырын дьоҕус сыаната турбут. Бу — маҥнайгы кылаастар.
Тыый! Арааһа бүгүн манна туох эрэ ураты көстүү буолар быһыылаах. Оҕолор чуумпуран олорон истэллэр.
Ольга Дмитриевна Семёнова — Дьокуускай куорат 31-с №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын уопуттаах учуутала. Кини куорат оскуолатыгар сахалыы эйгэни тэрийэр, оҕолору сайыннарар, саха култууратыгар чугаһатар биир бастыҥ учууталынан биллэр.
Бастакылар бүгүн аан маҥнай «Кэҕэ» диэн остуоруйаны иһиттилэр. Кылаас иһэ уу-чуумпу. Эбэҥки норуотун остуоруйатын уустаан-ураннаан, куолаһын дөрүн-дөрүн уларытан, Эрэл Фёдоров эһэтэ Валерий Иннокентьевич Соловьёв (пенсионер, режиссёр) аахта, онтон сыанаҕа күлүк көстүүтүн ийэтэ Анна Ивановна Фёдорова (ХИФУ преподавателэ) хамсатта, көрдөрдө.
Ольга Дмитриевна оҕолор уйулҕаларын арыйан, наһаа үчүгэйдик кэпсэтэр. Санааларын истэр, биир-биир саҥардар. Салгыы тугу өйдөөн хаалбыттарын уруһуйдатар.
«Сүдү суолталааҕы кэпсэтии» бырайыак «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын биир сүрүн хайысхатынан буолар. Оҕолору кытта алтыһар, сэһэргэһэр уонна норуот педагогикатыгар сыһыаран иитии сүдү суолталаах оҥкулун быһыытынан кэрэхсэттэ.
Татьяна ЖИРКОВА,
»Кэскил» оҕо бэчээтин сүрүн эрэдээктэрэ.