Уус Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолата Иван Николаевич Жирков аатын сүгэр. Кини 1907 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.
Иван Николаевич Жирков Саха сиригэр үөрэҕириини тарҕатыспыт, саха норуотун киэн туттар киһитэ. Кини баара суоҕа 24 сааһыгар Саха АССР үөрэҕин народнай комиссарынан-наркомунан, билииҥҥитэ үөрэх миинистиринэн анаммыта. Иван Николаевич айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах, сытыы-хотуу, сайаҕас, билиигэ тардыһар, үөрэҕи кэбэҕэстик ылынымтыа эбит. Улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ, бүттүүн начаальнай үөрэхтээһини олоххо киллэриигэ, оскуолалар материальнай базаларын кэҥэтэргэ, сахалыы тылынан учебниктары оҥорууга 7 сыл устата улахан үлэлэри салайан ыыппыта. 1934 сыллаахха республикаҕа аан маҥнайгы тыа сиригэр икки этээстээх оскуоланы, Дүөндү бөһүөлэгэр туттарбыта. Биир дойдулаахтара махталларын биллэрэн оскуолаҕа кини аатын иҥэрбиттэрэ.
Быйыл И.Н.Жирков 116 сааһын көрсө оскуолабытыгар араас тэрээһиннэр ыытылыннылар: музейнай уруоктар, быыстапкалар, викториналар. Былырыыҥҥы үөрэх сылыттан муус устар 22 күнүгэр оскуолабытыгар «Выпускник күнэ» бэлиэтэнэрэ үгэс буолла. Бу күҥҥэ аналлаах торжественнай линиэйкэҕэ, маҥнайгы кылаас оҕолоро, выпускниктарга уонна кылаастарын салайааччыларыгар солко лиэнтэ кэтэттилэр. Линиэйкэ кэнниттэн 11 кылаас оҕолоро бары бииргэ тутуспутунан, Иван Николаевич Жирков пааматынньыгар сибэкки уурдулар. Киэһэтин кулуупка выпускниктарга аналлаах «Алгыстаах аартыгынан» диэн эҕэрдэ, махтал тэрээһин ыытылынна.
Биһиги, Дүпсүн орто оскуолатын бары үөрэнээччилэрэ, ыччаттара, киэн туттуохпут өрүүтүн сүдү киһибитинэн, кини аймахтарынан, олоххо хаалларбыт дьоһун бэлэхтэринэн.
Сивцева Динара, 9 класс Дүпсүн, Уус-Алдан.