От ыйын 10 күнүгэр СӨ Билим дьоҕус академиятыгар «Yakutia International Science Fair» конференция сабыллыыта буолла.
Конференцияҕа Россияттан, Казахстантан, Монголияттан, Румынияттан, Индонезияттан сылдьар оҕолор математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, социально-гуманитарнай наукаҕа, кыттыыны ыллылар. Тэрийээччилэринэн СӨ Билим дьоҕус академията, М.К Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет, СӨ наукатын уонна үөрэҕин министиэристибэтэ буоллулар.
Конференция сабыллыытын наука уонна үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова тыл этэн саҕалаата. Конференция сабыллыыта очно-заочнай формаҕа английскай тылынан ааста. Атын дойдуттан сылдьар оҕолор «Zoom» нөҥүө кыттыыны ыллылар. Кыттыылаахтарга анаан хомус оонньуутун иһитиннэрдилэр.
Конференция түмүгүнэн Россияттан I степеннээх дипломунан 7, II степеннээх дипломунан – 6, III степеннээх дипломунан – 13 оҕо наҕараадаланна.
Никифорова Айталина, социально-гуманитарнай наукалар, III степеннээх диплом, Саха өрөспүүбүлүкэтэ:
– Мин санаабар, олус астык конференция ааста, араас элбэх профессиональнай экспертэр, тэрийээччилэр бааллар. Конференцияҕа кыттан саҥа элбэх доҕоттору буллум, элбэх билиини ыллым. Бэйэм кыттыыбынан астынным, барыта баҕарбытым курдук буолла.
Сивцев Алексей, математика, III степеннээх диплом, Саха өрөспүүбүлүкэтэ:
– Конференция олус таһымнаахтык ааста, араас элбэх ыытыылар буоллулар. Кыттыыны ыларбар олох долгуйбатаҕым. Өссө үчүгэйдик кыттыахпын сөп этэ эрээри толкуйдуурбар элбэх бириэмэни ыыттым..
Егорова Дарья, физика, I степеннээх диплом, Екатеринбург:
– Конференция олус үчүгэйдик ааста. Саха сиригэр мин бастакытын сырыттым, миэхэ бу айан үгүс саҥаны арыйда. Саҥа элбэх доҕордоннум, английскайдыы саҥарарга улахан уопут ыллым. Аныгыскы сылга олимпиадаҕа эмиэ кыттан, Саха сиригэр өссө төгүл ыалдьыттыы кэлиэм этэ.
Артур Федоров, физика, эксперт:
– Конференциябыт олус үчүгэйдик ааста. Конференцияҕа бастакытын экспертээтим, аныгыска сылга ыҥырдахтарына, үөрүүнэн-көтүүнэн кыттыыны ылыам. Оҕолор үлэлэрин таһымнара, билиилэрэ, английскайдыы саҥарар дьоҕурдара олус үчүгэй. Кыттыбыт оҕолор оҥорбут үлэлэрин түмүктээбэккэ, наука, промышленность өттүгэр үлэлээн уопуттарын сайыннарыахтарын баҕарыам этэ.
Василий Павлов, СӨ Билим дьоҕус академиятын ректора:
– «Yakutia International Science Fair» конференция бэйэтин таһымынан Аан дойду үрдүнэн буолар олимпиадаларга сөптөөх буолар. Сыл аайы элбэх дойдуттан оҕолор кыттыыны ылаллар. Ол курдук Москваттан, Пензаттан, Ярославльтан, Новосибирскайтан, Санкт-Петербургтан, Екатеринбургтан, тастын дойдулартан Индонезия, Монголия, Казахстан, Румыния оҕолоро кыттыыны ыллылар. Саха сириттэн 2 хамаанда кытынна. Сылтан сыл аайы сорудахтар ордук интэриэһинэй буолан иһэллэр. Сорудахтары МГУ, НГУ, ИТМО курдук биллэр үөрэх кыһаларын экспердэрэ, преподавателлэрэ оҥорбуттара. Конференция оҕолорго бэйэ күүһүн холонон көрөргө, үчүгэй университетка киирэргэ улахан көмө буолар. Кэлэр сылга омук оҕолоро онлайн буолбакка, манна миэстэтигэр кэлэн кытталлара эбитэ буоллар олус үчүгэй буолуо этэ.
«Yakutia International Science Fair» конференция үрдүк таһымнаахтык ааста. Кыттааччылар астынан, бэйэлэрин билиилэрин холонон көрөн улахан уопут ыллылар. Үүнэн иһэр көлүөнэ кэлэр кэмнэргэ төрөөбүт дойдуларын ааттатыахтара диэн эрэнэбит.
Николай АНДРЕЕВ