Сияна кыыс кыра эрдэҕиттэн хаҥкылыырын сөбүлүүр. Ол дьарыга киниэхэ улахан успуорка кыттарыгар тирэх буолла. Ол туһунан сиһилии билсиэҕиҥ.
— Үтүө күнүнэн, Сияна бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсээ эрэ.
— Мин аатым Сияна Андреева. В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 11 «а» кылаас үөрэнээччитэ буолабын.
— Бэйэҥ сөбүлүүр дьарыгын эйиигин улахан успуорка хайдах аҕаллай?
— Мин үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына төрөппүттэрим сабыс-саҥа хаҥкы бэлэхтээбиттэрэ. Онтон ыла хаҥкылыырбын олус сөбүлүүбүн. Хас күһүн, саас аайы хаҥкылыыбын.
— Алдаҥҥа буолбут Саха сирин спорт кыһыҥҥы оонньууларын V спартакиадатыгар кыттыын туһунан сиһилии кэпсээ.
— Быйыл миэхэ эмискэ эрийэн: «Сияна, Саха сирин спорт кыһыҥҥы оонньууларын V спартакиадатыгар шорт-трек көрүҥҥэ кыттыаҥ дуо?» , — диэн этии киллэрбиттэрэ. Мин үөрүүнэн сөбүлэспитим. Нэдиэлэҕэ иккитэ Дьокуускай куоракка «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһыгар дьарыктанар этибит. Мэҥэ Хаҥалас хамаандатагыр киирэн, Алдаҥҥа кыттыым миэхэ соһуччу уонна умнуллубат үтүө түгэннэри хаалларда.
— Шорт-трек көрүҥ туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?
-Шорт-трек атын көрүҥнэргэ холоотоххо саҥа көрүҥ. Олимпийскай оонньууларга 1992 сыллаахха биирдэ киирбит эбит. Бу көрүҥ түргэн ускуораһы, сымса хамсаныылары эрэйэр. Ол иһин киһини эчэйииттэн харыстыыр анал таҥас-сап ирдэнэр. Кевлар матырыйаалтан комбенезон, шлем, наколенник, налокотник, ону таһынан анал атах таҥаһа дьарык кэмигэр булгуччулаах. Биһиги юниоркалар барыта 5 күрэхтэһээччи этибит. Үс көрүҥҥэ кыттан үһүөннэригэр миэстэлэспитим. Ол курдук, 777 миэтэрэ уһуҥҥа – 3 миэстэ, кылгас дистанцияҕа – II миэстэ, 1000 м (1 км) сүүрүүгэ – II миэстэ буолары ситиспитим.
— Инники былааннарыҥ?
— Салгыы бу көрүҥүнэн дьарыктаныахпын баҕарабын. Эһиил устудьуон буоллахпына, күүскэ дьарыктанан аны түөрт сылынан улахан дьоҥҥо кыттыам.
— Эппиэттэриҥ иһин махтанабын.
Саяра Скрябина, 9 «Г» кылаас,
В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, «Мэҥэбил» пресс-киин