«Ок-сиэ, оҕолоор,
Номох буолан умнуллубут
Норуот тыыннаах тыла!
Ууга эн тимирбэккин,
Килбиэннээх кэрэ бэйэҕэр
Кир, дьэбин сыстыбат!
Айыҥат хаантан аналлаах
Алгыс санаан салыйбатын,
Үрүҥ айыыттан төрүттээх
Үтүө тылын өлбөтүн!»
С.А.Зверев — Кыыл Уола
С.А.Зверев-Кыыл Уола, саха улуу олоҥхоһута, тойуксута, үҥкүү туруорааччыта, 1900 сыллаахха Сунтаар улууһугар Түбэй нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Ырыаһыт, тойуксут төрүттэрдээх эбит. Хос эһэтэ Кыһыл ойуун, эһэлэрэ Дьапта Онтуон, Мындыр Өлөксөй, эбэтэ Бүргэс Балбаара, бары да бэрт тойуксут, алгысчыт, олоҥхоһут идэлээхтэринэн чугас эргин биллэллэрэ.
Сунтаар улууһун уһулуччулаах киһитэ, Аар тайҕа аатырбыт ырыаһыта, тойуксут, олоҥхоһут, оһуохайдьыт, үҥкүүһүт, саха омук фольклорун тарҕатааччы С.А.Зверев-Кыыл Уолун хоһоонноро, үҥкүүлэрэ төрөөбүт дойдуга тапталы, истиҥ сыһыаны иҥэрэр ис хоһоонноохтор. 30-тан тахса үтүө холобур буолбут үҥкүүнэри айбыт: «Алгыс», «Ситим», «Хотой», «Кымыс үрдэ» о.д.а. Биир бастыҥ туруоруутунан «Оһуор» үҥкүү буолар.
Сергей Афанасьевич айан хаалларбыт үҥкүүлэригэр айылҕаны ойуулуур-дьүһүннүүр хас биирдии хамсаныылар мин харахпар хартыына курдук арылыччы көстөллөр. Хатыҥ мас сэбирдэҕэ тэлибириирэ, от-мас тыллан эрэрэ, кымыс иһии сиэрэ-туома о.д.а. Ол иһин кини саха фольклоругар саҥаны, үйэлээҕи киллэрээччи, нарын дууһалаах хорсун-хоодуот санаалаах киһи быһыытынан норуотугар биллибитэ.
С.А.Зверев — саха үҥкүүтүн култууратын төрүттээччи, норуот үҥкүүтүн маастара. Кини айан-тутан хаалларбыт баай нэһилиэстибэтэ биһиэхэ утары ууммут сиэдэрэй бэлэҕэ буолан, үйэттэн үйэҕэ үтүө номох, кэрэ кэпсэл буолуо! Кини бу олоҕун тиһэҕэр «Сарсын, сарсын сарсыарда» ырыаны айан, кэс тыл этэн хаалларбыта биһиэхэ, кэлэр кэнчээри ыччакка, алгыс кэриэтэ буолар.
Кыыл Уола… Төһө да 120 сыл аастар, улуу киһи норуотугар өрүү ахтылла туруо, хаалларбыт айымньылара саха Аал-Луук маһын биир хагдарыйбат лабаата буолан, өрүү силигилии туруохтара… Сергей Афанасьевич айбыт ырыалара, туруорбут үҥкүүлэрэ, үлэлээбит үлэлэрэ өрүү өлбөт үйэлээх буолуохтара!
Мин С.А.Зверев-Кыыл Уола аатын мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыам, киэн туттуом! Бэйэм эмиэ кыра сааспыттан ыллыыбын-туойабын, оһуохай тылын этэбин, үҥкүүлүүбүн.
Александра Иванова, 6 кылаас.
Кутана, Сунтаар.