Бэс ыйын 26-28 күннэригэр Чурапчы улууһугар 19 төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар «Образовательный парк как пространство для развития функционально-грамотной личности в условиях сельской школы» диэн ааттаах түһүлгэ нэһилиэк уонна оскуола ыкса сибээстээхтик үлэлиир, сайдыы суолун торумнуур сыаллаах-соруктаах оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин сайыннарар бырайыактары оҥорооһуҥҥа ананна.
Бу былаһааккаҕа барыта биэс хамаанда кыттыыны ылла. Хас биирдии хамаанда бырайыагын экспердэр Надежда Уарова, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэрэ, Елизавета Яковлева, С.Н. Донской аатынан үөрэх уонна идэни үрдэтии институтун аттестация кафедратын салайааччыта, Василий Артемьев, С.Н. Донской аатынан үөрэх уонна идэни үрдэтии институтун физика уонна математика кафедратын старшай преподавателэ, Любовь Федотова, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын сүрүннүүр специалиһа, Ольга Семенова, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ, Л.П. Илларионова, оскуола историяҕа учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала, П.Д. Максимова, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала, Никита Спиридонов, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын «Сулус» оҕо тэрилтэтин лидерэ көрдүлэр.
Бырайыактары көрүү түмүгэр кыайыылааҕынан уонна грант хаһаайынынан С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын «Фокусный центр реабилитации детей с ОВЗ» диэн бырайыага ааттанна. Кыайыылаах хамаанда бырайыага сыл иһигэр олоххо киириэхтээх.
Елена Малышева, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын математика учуутала:
— Биһиги техническэй хайысхаҕа сыһыаннаах бырайыагы оҥордубут. Оскуолабытыгар техническэй кылаастары инникитин хайдах сайыннарарбытын быһаарабыт диэн бырайыак толкуйдаатыбыт. Сүрүн сыала-соруга биһиги оскуола выпускниктара бэйэлэрин дойдуларыгар специалист буолан төннөн кэлэллэрин ситиһиэхпитин наада.
Лилия Попова, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала:
— Билиҥҥи олоххо сахалыы эйгэ сатараан, нууччалыы эйгэ сабыдыала улаатан, оҕолорбут сахалыы саҥарыылара мөлтөөтө диэн санааттан сиэттэрэн, биһиги түөлбэни, нэһилиэги кытта үлэлэһэммит сахалыы эйгэни тэрийиигэ бырайыак оҥордубут. Холобура, суругу-бичиги сахатытыы, тэрилтэлэр, уулуссалар ааттарын сахатытыыга үлэлэстибит, онно оҕолор чинчийэр үлэлэрин тэрийдибит. Оҕолор бэйэлэрэ көрө сылдьан сыыһаны-халтыны булаллар, ону көннөрөргө үлэ ыытаары гынабыт.
keskil14.ru