2021 сылтан «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн үөрэнээччилэр айар кыахтарын арыйар сыаллаах оскуолаларга театральнай студиялар уонна куруһуоктар тэриллэллэр. Оскуола театрыгар кыттыы оҕо айымньылаах эйгэтигэр сайдар кыаҕы биэрэр. Туруорууга кыттыһан, оҕолор өйү-санааны эрчийэллэр, айар дьоҕурдарын сайыннараллар, ону сэргэ бэйэлэрин талааннарын арыйаллар. Сценаҕа тахсан улахан аудитория иннигэр толлубакка оонньуурга үөрэнэллэр.
Биһиги оскуолабытыгар «Росток» театральнай куруһуогу салайабын. Бу куруһуокка сылдьан оҕолор театральнай искусство төрдүн билэллэр, трениннэргэ кытталлар, театры таптыырга үөрэнэллэр. Уус-уран салайааччы соруга — иитиллээччилэри актердарынан оҥоро сатаабат, обществоҕа олорорго, доҕордоһорго, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтии. Ол эрээри оҕолор театры сөбүлээтэхтэринэ, инникитин да бу хайысхаҕа сайдыахтарын сөп. Туруорууга туһаныллар айымньылар иитэр-үөрэтэр көдьүүстээхтэр, патриотизмҥа уонна үрдүк сиэрдээх майгыга сирдииллэр.
2023-2024 үөрэх дьылыгар «Росток» театральнай куруһуога улахан ситиьиилэрдээх. Кулун тутар 20 күнүгэр Таатта оройуонун киинигэр Ытык-Күөлгэ улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр Саха сирин культуратын туйгуна Матрена Николаевна Вырдылина аатынан республикатааҕы оҕо театральнай коллективтарын фестивалыгар Мария Николаевна оскуолабыт выпускнигын, анал режиссер үөрэхтээх Юрий Аянитовтыын аныгылыы, ураты көрүүлээх Н. В. Гоголь “Ночь перед Рождеством” айымньытын көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыттара. Күрэх түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ Саһыл орто оскуолатын хамаандатыгар 1 степеннээх лауреат аатын иҥэрбитэ. Жюри чилиэннэрэ Юрий Аянитов (А. Д. Макарова аатынан ДьККиИ выпускнига, билигин бөһүөлэк кулуубун уус- уран салайааччыта) туруоруутун, эдэр артыыстар оонньууларын аныгы ырытыыга уонна оонньууга уһуйбутун үрдүктүк сыаналаабыттара. Оттон куруһуок уус-уран салайааччыта Мария Николаевна «Бастыҥ салайааччы» диэн ааттаммыта. Уопсайа фестивалга Таатта, Амма, Мэҥэ- Хаҥалас, Горнай, Өймөкөөн, Томпо оройуоннарыттан 19 хамаанда кыттыыны ылбыта. Барыта 230 кыттааччы баара.
Кулун тутар 28-29 күннэригэр Мэҥэ-Хаҥалас Майа бөһүөлэгин Д. Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр „Туос Мааскы“ бэстибээл-куонкуруска республика араас муннугуттан 18 оскуола оҕолорун театральнай коллективтара икки бөлөххө арахсан 200-тэн тахса оҕо тоҕуоруһа мустан күөн көрсүбүттэрэ. Күрэх үрдүк таһымнаахтык, өрө күүрүүлээхтээх ааспыта. Сценаҕа оонньоммут бииртэн биир ураты көрүүлээх туруоруулар дьон биһирэбилин ылбыттара. Томпо улууһуттан ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн «Росток» оҕо театра кыттыыны ылан, аныгы тэтимнээх олоҕу кытта ситимин, дириҥ ис хоһоонноох ураты көстүүтүн иһин «За оригинальность идеи» анал аат кыайыылааҕа буолбута.
Театрга баҕалаах оҕолор утумнаахтык дьарыктаналлар. Бу кэмнэр барыбытыгар чаҕылхай умнуллубат уратыны киллэрэллэр, ис эйгэни таарыйар киһи ис туругун байыталлар. Биһиги куонкурустарга кыттыыбытыгар уонна кыайыыларбытыгар үөрэбит уонна маннык киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэргэ ситиһиилэрбитинэн киэн туттабыт.
Мария Николаевна Стручкова, «Росток» театральнай куруһуок салайааччыта, нуучча тылын уонна литературатын учуутала