Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы оскуолатын «Сындыыс» эдкорпоһун (салайааччы Ирина Ивановна Харайданова) эдэр кэрэспэдьиэннэрэ алын, орто сүһүөхтэн саҕалаан, араас хайысханан научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Бу кинилэр улахан наукаҕа бастакы хардыылара буолар.
Үөнү-көҋүүрү, көтөрдөрү үөрэтэбин
Алеша Попов, 11 кылаас:
2 –с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, ийэм Туяра Юрьевна миэхэ «Энциклопедия животных» диэн улахан кинигэни бэлэхтээбитэ. Ол кинигэттэн мин олус элбэҕи ааҕан билбитим. Онтон ыла кыыллары, көтөрдөрү уонна үүнээйилэри интэриэһиргээн барбытым.
Ортоку кылааска тахсан баран, биология уруогун сөбүлээбитим. Учууталым Алена Николаевна наһаа интэриэһинэйдик үөрэтэн, араас чинчийиилэри оҥорор буолбутум. Сайын аайы Үөттээххэ лааҕырга сылдьарым. «Юные натуралисты» лааҕырга бастаан үөнү-көҋүүрү, онтон кэлин көтөрдөрү үөрэппиппит. Дьокуускайтан учуонайдар кэлэн, биһиэхэ элбэҕи кэпсээбиттэрэ, көрдөрбүттэрэ. Научнай дакылааттары оҥорорго көмө буолбуттара.
Мантан сиэттэрэн учууталым көмөтүнэн научнай- практическай кэнпириэнсийэлэргэ кыттар буолбутум. Толлубакка саҥарарга үөрэнним, элбэҕи биллим. Олохпор бу барыта туһалаах буолуо диэн эрэнэбин. Учууталбар Алена Николаевна5а махталым улахан. Мин бу наукаҕа бастакы хардыыларым буолаллар.
Палеонтологияны таллым
Нарыяна Бурцева:
— Мин санаабар, наука билиҥҥи сүүрбэ биирис үйэҕэ олус күүскэ сайдан эрэр. Наука араас хайысхалаах. Айти, тулалыыр эйгэни үөрэтии, сирбит ырааһын, иһэр уубут кирдээҕин чинчийии – бу барыта наука. Ол гынан баран, хас биирдии киһи науканы өйдүүр буолбатах. Билии киһи үөрэххэ төһө талаһарыттан, саҥаны билиэн баҕарарыттан сайдар. Наука биһиги олохпутугар саҥа ааннары арыйар. Ол курдук, оҕо наукаҕа интэриэстээх буоларын туһугар араас научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыахтаах.
Мин кэмпириэнсийэҕэ кыттаары, быйыл сайын «Юные натуралисты Томпо» диэн лааҕырга сырыттым. Биир нэдиэлэ устатыгар Үөттээххэ олорон, түөрт хайысханан — энтомология (үөн-көйүүр), орнитология (чыычаах), геоботаника (үүнээйи), палеонтология (сиртэн хостонор харамайдар) дьарыктаммыппыт. Мин палеонтологияны талбытым.
Палеонтология диэн билим (наука) биир салаата. 11700 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт харамайдар кырамталара сир анныгар харалла сытарын ирдээн булан, чинчийэр.
Биһиги мамонт фаунатын үөрэппиппит. Бастатан туран, мусуойга баар истиэп бизонун, мамонт уҥуохтарын чинчийбиппит. Палеонтологтар уҥуохтары хайдах үөрэтэллэрий? Биһиги, холобур, уҥуоҕу уруһуйдаабыппыт, мээрэйдэрин ылбыппыт уонна ойуулаан суруйбуппут.
Палеонтология хайысханан үөрэнэн, элбэҕи биллим. Араас кэмпириэнсийэлэргэ кытынным уонна билиибин чэҥэттим.
Наука -олохпут төрдө
Дая Неустроева, 9 кылаас:
— Мин 7-с кылаастан научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктанабын. Бастаан хомусчут Лука Турнин туһунан дакылаат оҥорбутум. Салайааччым Павлов Гаврил Кириллович көмөтүнэн элбэх хоһоон ааҕыытыгар кыттыбыппыт. Онтон Мира Николаевна Местниковалыын иэдьэгэй туһунан дакылааты суруйбутум. Туох баар түһүмэхтэри тутуһан иэдьэгэйи дьиэбэр оҥорбутум. Бу уопуппунан «Сравнение приготовления обычного и мягкого творога» диэн дакылаат суруйан, элбэх кэмпириэнсийэлэргэ кытынным. Кириэс Халдьаайыбытыгар «мягкий творог» диэн иэдьэгэй көрүҥүн оҥорботтор, ол иһин салайааччыбын кытта бу тиэмэни талбыппыт. Өссө 2020 сылтан ветеринарияҕа холонон көрбүтүм, “World Skills” күрэҕэр кыттыбытым. Наука -олохпут төрдө!
Үлэбин кэҥэтэн иһэбин
Ая Черноградская, 11 кылаас:
— Мин алын сүһүөх кылаастан научно практическай конференцияҕа өрүү кыттабын. «Построение квадрата по четырем точкам, применяя программу живая математика» диэн тиэмэнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэҕэ төрдүс сылбын кыттабын. Сылын аайы саҥаттан саҥа эбиини киллэрэбин, үлэбин кэҥэтэн иһэбин. Оҕолорго науканан дьарыктаныҥ диэн сүбэлиэхпин баҕарабын. Өрүү кыттар оҕо сайдар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир, саҥа дьону кытта билсэр. Атын оҕолор үлэлэрин көрөр, саҥарарга-кэпсииргэ үөрэнэр.
Чинчийэр интэриэстээх буоллахха
Валерия Винокурова , 7 кылаас:
— Мин үөрэхпэр туйгуммун. Үөрэхпин спорду, науканы кытта тэҥҥэ дьүөрэлиибин. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ алын кылаастан саҕалаан, элбэхтэ кыттан кэллим. Поэт П.А.Ойуунускай «уҥа илиитэ» Ф.Г.Винокуров-Даадар хоhооннорун күрэҕэр, И.М.Павлов, учуонай- тюрколог Г.В.Баишев-Алтан Сарын, академик В.П.Ларионов ааҕыыларыгар, Улуу Кыайыы 75, Герой-куорат Ржев босхоломмута 77 сылларыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи сахалыы дьыктаан суруйуутугар о.д.а.тэрээһиннэргэ тиhигин быспакка кыттабын уонна үрдүк ситиhиилэрдээхпин.
Кэнники икки сылга мин экологиянан күүскэ дьарыктанабын. Салайааччым — биология учуутала С.А.Николаевна. Бу аҕыйах хонуктааҕыта орнитология мусуойун төрүттээччи Б.Н.Андреев аатынан кэмпириэнсийэҕэ рөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэ буоллум. Иккис сылбын «Научное лето» экологическай лааҕырга дьарыктанан, наука умсугутуулаах эйгэтин кытта ыкса билистибит. Бу үөрэтэр, чинчийэр билиим барыта науканы кытта сибээстээх буолан, элбэх кинигэни ааҕабын, араас семинарга үөрэнэбин. Биhиги тулалыыр эйгэбит харыстыыр, чинчийэр интэриэстээх эрэ буоллахпытына, инникитин чөл олоххо олоруохпут.