Балаҕан ыйыгар биһиги уһуйааммытыгар оҕолор тыыннаах айылҕаны кытта ыкса билсэллэрин курдук Тыыннаах муннук арыйарбыт дуу диэн санаа киирбитэ. Сыалбыт, сорукпут күүстээх этэ, ол эрэн, туолуон сөптөөх этэ. Ол курдук, быйыл сэтинньи 20 күнүгэр Тыыннаах муннукпут арыллыыта буолла.
Ону таһынан, биһиги сүрүн сыалбыт диэн оҕолорго сүрэхтээх буолууну кыра эрдэхтэн иҥэрии, эппиэтинэстээх, үлэһит буолуу, тыынар тыыннаахха харыстабыллаах сыһыан буолар.
Бу бэлиэ күҥҥэ иитиллээччилэрбит төрөппүттэрэ ыҥырыллыбыттара. Тыыннаах муннук арыллаатын кытта оҕолорбут күн устата манна кэлэн кыыллары кэтээн көрүөхтэрин, көрүөхтэрин-харайыахтарын сөп. Уһуйаан иитиллээччилэрин кэтээн көрөр дьоҕурдара, айылҕаҕа интэриэс үөскүө диэн эрэнэбит. Биһиэхэ ежик, крыса, жунгарскай хомяктар, икки черепаха, кролик уонна балык бааллар.
ТУЙАРА Борисовна Матвеева, МБДОУ «Ромашка» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Графскай биэрэк нэһилиэгэ, Нам улууһа