Биһиги Олимпийскай чыпчаалга тахсыбыт Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов диэн тустууктардаахпытынан сиппит-хоппут норуот буолабыт.
Итинник санаа миэхэ Роман Дмитриев кэргэнин Антонина Софроновна Дмитриеваны, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александр Николаевич Ивановы уонна Роман Дмитриев туһунан “Наука побеждать” кинигэ литературнай редактора, суруналыыс Мария Афанасьевна Павлованы кытта көрсүһүү кэнниттэн үөскээтэ.
Бу көрсүһүү “Сосновый бор” оҕо чэбдигирдэр киинигэр буолан ааста. Манна биһиги спорт тематын сырдатыыга “Кэскил” медиа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьабыт. “Муус устар” фестивальга кыттабыт.
Роман Михайлович Дмитриев сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион. 1972 сыллаахха XX Олимпийскай оонньууларга кыһыл көмүс, 1976 сыллаахха XXI Олимпиадаҕа үрүҥ көмүс мэтээллэр хаһаайына.
2010 сыллаахха 60 сааһыгар олохтон туораабыт. Роман Михайлович сэмэй, эйэҕэс майгылаах, дьиҥнээх доҕор эбит. Спорт үрдүк чыпчаалыгар тахсарыгар күүс-уох эрэ буолбакка, өйө-санаата, толкуйа киэҥэ, киһилии үтүө хачыстыбата улахан суолталаах буолбут. Александр Николаевич эппитин курдук, кини үчүгэй хаачыстыба барыта баара киһитэ эбит.
Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар Роман Михайловиһы улаханнык убаастыыллара. Ааттаах-суоллаах спортменнарга оннооҕор лекция ааҕар эбит. Биһиги тустууктарбыт Олимпиадаҕа кыайыылара биир дойдулаахпыт Дмитрий Петрович Коркин сыралаах үлэтин түмүгэ. Чурапчыга билигин Дмитрий Коркин аатынан интэринээт, спортивнай Албан аат музейа бааллар.
Роман Михайлович уонна Александр Николаевич 10 кылааска үөрэнэ сылдьан билсибиттэр. Иккиэн бииргэ дьарыктаналлар эбит. Роман Дмитриев оскуолаҕа туйгуннук үөрэммит. Улахан спортан тохтоон баран, Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар тренердээбит. Уолаттары дьарыктаан ССРС кэмигэр үтүөлээх тренер буолбут.
Суруналыыс Мария Афанасьевна Павлова Роман Дмитриев олоҕун туһунан кэпсиир “Наука побеждать” кинигэ литературнай өттүгэр тылын-өһүн көрбүт. Кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биһиги курдук эмиэ юнкор эбит. Нууччалыы суруйар. “Азия оҕолоро” оонньууларын элбэхтик сырдаппыт. Спорт тематыгар үлэлиир суруналыыс спордунан бэйэтэ дьарыктанара ордук туһалаах буоларын туһунан эттэ. Уонна спорт терминнэрин үчүгэйдик билиэхтээх.
Антонина Софронова Роман Михайловичтыын 25 сыл бииргэ олорбуттар. Антонина Софронова идэтинэн финансист. Кэргэнин аатын үйэтитэр туһуттан анаан-минээн кинигэ суруйуутунан дьарыктанар. “Мои тетради” диэн Роман Михайлович дневнигынан иккис кинигэтин таһааттарбыт. Кулун тутар 7 күнүгэр Олимпийскай чемпиоммут төрөөбүтэ 75 сааһын туолар. Кини кумира Александр Суворов буоларын биллим.
Биһиги, “Кэскил” медиа оскуола юнкордара, Роман Михайлович Дмитриев туһунан элбэхтик суруйуохпутун, оҕолорго кэпсиэхпитин, кини туһунан тахсыбыт кинигэлэри булан ааҕыахпытын наада. Норуоппутун аатырдыбыт тустуук туһунан бары билиэхтээхпит, умнарбыт сатаммат.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас, Хадаар, Чурапчы