Бу соторутааҕыта мин оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр «Өркөн өй» диэн олус интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ сырыттым. Бу тэрээһиҥҥэ араас оскуолалартан 6-8 кылаас үөрэнээччилэрэ уопсайа 6 хамаанда буолан кыттыыны ыллылар.
Мин онно улахан кылаас оҕото буоламмын кыттыыны ылбатаҕым. Ол да буоллар мин кыттыбыт оҕолор булугас өйдөрүттэн олус сөхтүм, сорох боппуруоһу билбэппин биллим-көрдүм. Бары да олус билиилээхтэр эбит диэн санааҕа кэллим.
Бэрт тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн, «Уолан-2» хамаандата бастакы миэстэни ылары ситистэ, эбии үөрэхтээһин кииниттэн «Эрудит» хамаанда иккис миэстэни, онтон Мындааба орто оскуолатын «Кэскилээнэ» хамаандата үһүс миэстэни ыллылар.
Тэрийээччилэргэ инникитин да итинник тэрээһиннэри улахан кылаас оҕолоругар эмиэ ыыталларыгар баҕарабын. Маннык тэрээһин ыытыллара буоллар, үрдүкү кылаастар кыттыыны ылыа этибит.
Анжелика ВАСИЛЬЕВА,
Уус-Алдан улууһун оҕону эбии үөрэхтээһин пресс-киинин иитиллээччитэ.