Бу сайыҥҥы сынньалаҥ бириэмэтигэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майатааҕы үөрэтэр-производственнай киин 10 оҕону быстах кэмҥэ үлэҕэ ылла. Тэрилтэ дириэктэринэн Николай Петрович Тарасов үлэлиир.
Үөрэх кэмигэр «Детский бизнес-центр» эбии үөрэхтээһин куруһуога үлэлиир. Онно дьарыктанар үөрэнээччилэр Анатолий Брызгалов, Володя Уткин 2020 с. «Производство декоративной щепы от вторичной переработки древесины» бырайыагы суруйбуттара. Оҕолор бырайыактарынан араас таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ, куонкурустарга кыттан ситиһиилэрэ үгүс. Куруһуок салайааччыта — Вячеслав Иннокентьевич Санников.
Бастакы оҥоһуктарын «Ландшафтный дизайн отсыпка щепой» Саха АССР 100 сылыгар ананна. Ыһыахха анаан Ураһалаахха оҥордулар.
Олус кэрэ көстүү!
keskil14.ru