Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт Судаарыстыбаннай Дума быыбара —дойдубут инники сайдыытын хайысхатын быһаарар сүдү оруоллаах тэрээһин. Талыллыбыт депутат быыбардааччыларын этиилэрин толорорго, олоххо киллэрэргэ саҥа ылыллар сокуоннарга тыйыс усулуобуйалаах Сахабыт сирин уратытын учуоттууру туруорсар, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар сөптөөх үлэни торумнуур, бары өттүнэн туруулаһар, эппиэтинэстээх, дуоһунастаах киһи.
Билиҥҥи тэтимнээхтик сайда, уларыйа турар кэмҥэ атын дойдулартан хаалсыбат туһугар, аан дойду түһүлгэтин ситиһиилэрин холобур оҥостон, билими, саҥа арыйыылары, ньымалары туһаныы сүрүн сыал буолар.
Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэбит инникитэ Сахабыт сирин хас биирдии олохтооҕун олоҕун тупсуута. Нэһилиэнньэ олоҕор аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир, табыгастаах уонна куттала суох инфраструктураны тэрийии — салалта үлэтин сүрүн хайысхата буолуохтаах. Хас биирдии киһи дойдутугар, сиригэр-уотугар бэриниилээх, үөрэхтээх, үтүө сиэрдээх буолуохтаах. Элбэх оҕолоох ыаллары өйөөтөххө, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин бөҕөргөтүө, оҕо төрөөһүнүн таһыма үрдүө этэ. Өйдөөх экономика, гуманнай политика бигэ туруктаах буолууга тириэрдэр сөптөөх суол. Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан, чэгиэн доруобуйа, чөл турук, үтүө быһыы-майгы олохпут эрэллээх кэскилэ.
Үөрэнээччи хараҕынан ылан көрдөххө, хас биирдии тыа оҕото ханнык баҕарар хайысханан сайдар, дьарыктанар эйгэтин тэрийиигэ цифровой хааччыллыылаах, аныгы тупсаҕай тутуулаах оскуолалары, биэбэйиктэри, оҕо кииннэрин, доруобуйаны тупсарар бассейннаах саалалары, стадионнары тутуохха уонна идэни талыыга орто анал, үрдүк үөрэх кыһаларын элбэтиэххэ наада дии саныыбын.
Үөрэниэххэ, үлэлиэххэ, дойдубутун таптыахха!
Лия Маркова, Таатта улууһун Алампа аатынан
Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын VIII “Б” кылааһын үөрэнээччитэ,
“Ситим” кулууп эдэр кэрэспэдьиэнэ,
Таатта улууһа.
“Эдэр политолог муннуга” рубрикаҕа анаан Жанна Леонтьева бэлэмнээтэ.