Муус устар 22 күнэ Владимир Ильич Ульянов – Ленин төрөөбүт күнэ. Урукку кэмҥэ «Бэлэм буол» хаһыакка «Володя Ульянов дневнигэ» диэн өрөспүүбүлүкэ бастыҥтан бастыҥ оҕолоро, туйгун үөрэнээччилэрэ, чаҕылхай актыыбыстара тахсар рубрикалара баара. Бу рубрикаҕа киирбит оҕолор билигин ханна бааллара буолуой? Ханнык идэни баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьалларын уонна ол рубрикаҕа киирбит түгэннэрин хайдах өйдүүллэрин туһунан билистибит.
Андреева Надежда Ивановна – Бүлүү оройуонун Хампа нэһилиэгин олохтооҕо:
«Өйдөөн буоллаҕа дии, оччолорго Саха сиригэр оҕолорго «Дневник Володи Ульянова» диэн саамай үрдүк ситиһии этэ. Онно тахсар оҕолору холобур курдук көрөр этибит. Оскуолаҕа наар туйгуннук үөрэммитим, спортка ситиһиилэрдээх этим (хайыһарга Бүлүү оройуонун сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ этим). Оскуола пионерскай дружинатын председателя, комсомол секретаря этим. Художественнай самодеятельность, общественнай үлэ үөһүгэр сылдьыбытым. Бүтүн Союзтааҕы «Орленок» лааҕырга сылдьыбытым. Суолталаах, Володя Ульянов дневнигэр киирбит киһи планкатын түһэрбэт буоллаҕа дии. Онтон оскуола кэнниттэн олохпор, үөрэхпэр ситиһиилээх этим, Саха государственнай университетын медико-лечебнай факультетын Ленинскэй стипендиата үрдүк аатын сүкпүтүм. ЯГУ «Олимпия» диэн сверхдальняй лыжнай десант кыттааччытабын. Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж дириэктэрин солбуйааччытабын, медицинскай наука кандидатабын. Билигин Саха Сирин доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэбин, ол барыта оҕо сааспыттан, төрөппүттэрбиттэн уонна Хампа орто оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэтиттэн.»
Люция Корякина – Бүлүү оройуонун Хампа нэһилиэгин олохтооҕо:
«Бу түгэни наһаа үчүгэйдик өйдүүбүн. Менякова Екатерина Кузьминична диэн пионер баһаатайа баар этэ. Кини миигин көрсөн: «Бүгүн «Бэлэм буол» хаһыаттан корреспондент кэлэр, туйгун үөрэнээччилэри «Володя Ульянов дневнигэр» киллэрэллэр диэбитэ. Мин бастаан аккаастаммытым (оннук элбэх ситиһиим суох диэн), онтон үчүгэй баҕайытык кэпсэтэн ылыннарбыттара. Үөрэхпэр үчүгэй этим, олимпиадаларга син ситиһиилээхтик кыттар этим. Наһаа элбэхтик кинигэ ааҕарым. Ордук «Жизнь замечательных людей» диэн серияттан сөбүлээн ааҕар этим. Дьонум элбэх хаһыат, сурунаал суруттараллар этэ. Ол билиибин хаҥатара. Дневниккэ киирэн баран үөрэхпэр өссө күүскэ кыһаллан үөрэммитим, оҕолорго үөрэхтэригэр көмөлөһөр этим. Уруокка болҕомтолоохтук истэр буолан уруок ааҕыыта түргэн буолааччы. Уонна инники олохпор учуутал буоларбар төрүөт буолбута.»
Эрнест Мярикянов – Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин олохтооҕо
«Ол саҕана оҕолор бары «Бэлэм буол» хаһыаты суруттарар буолааччыбыт. Володя Ульянов курдук үөрэххэ үчүгэйдик, кыһамньылаахтык үөрэнэр оҕолор ити дневниккэ тахсаллар диэн өйдөбүл баара. Бу маннык чиэскэ тиксибиппиттэн олус да үөрбүтүм, ол саҕана миигин хаһыакка ааҕан, саастыылаахтарым холобур оҥостуохтара диэн саныырым».
Билигин Эрнест Трофимович Дьокуускайдааҕы 12-с №-дээх оскуолаҕа физика учууталынан үлэлиир. Оҕолору үөрэтэр позицията: «Билигин учуутал оҕоҕо билиини биэрэргэ эрэ буолбакка, кинилэр өйдөрүн-санааларын үрдэтэр, уопсастыбаҕа туһалаах үлэҕэ баҕатын уһугуннарыыга, бэйэ кыаҕын арыйыыга, саҥаны айыыга, олоххо актыыбынай киһини иитиигэ тирэҕириэхтээх»
Шура Кириллина – Горнай, Дьиикимдэ аҕыс кылаастаах оскуолатын III кылааһын үөрэнээччитэ.
«Мин III-с кылааска туйгуннук үөрэнэр буоламмын, 1980 сыллаахха «Володя Ульянов дневнигэр» тахсыбытым. Кыра кылаас буоламмын, билигин ити түгэҥҥэ тугу санаабыппын өйдөөбөппүн. Дневниккэ тахсыы, хаһыакка бэчээттэнии оччотооҕу кэмҥэ олус улахан суолталааҕа. Онон долгуйбут буолуохтаахпын, күүскэ төрөппүттэрим киэн туттубут буолуохтаахтар. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларым тухары, наар «5» сыанаҕа үөрэммитим. Оскуоланы биир «4»-тээх бүтэрбитим, Бүтүн Россиятааҕы комсомол киин комитетын махтал суругунан бэлиэтэммитим.»
Билигин: Горнай улууһун Эбии үөрэхтээһинин киинин методиһа.Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Горнай улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин, гражданскай уопсастыба сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэлэрдээх, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Володя Васильев – Горнай, Өрт 8 кылаастаах оскуолатын I кылааһын үөрэнээччитэ.
1970 сыллаахха Владимир Ильич Ленин 100 сааһын туолар сылыгар этэ. Иккис кылааска үөрэнэ сырыттахпына учууталларым кэлэн ыйыппыттарын өйдүүбүн. Ол кэнниттэн хаһыакка тахсыбыт этим. « Ленин курдук туйгуннук үөрэнэн таҕыстыҥ», – диэбиттэрэ. Ол кэнниттэн 1975 сыллаахха «Володя Ульянов дневнигэр» тахсыбыт оҕолор «Орлёнок» лааҕырга бара сылдьыбыппыт. Саха сириттэн түөрт уонча этибит. Биһиги саҕана Владимир Ильич Ленин саамай ытыктыыр, холобур оҥостор киһибит буоллаҕа. Туйгун үөрэхтээх, революционер. Хаһыакка тахсан баран киниэхэ чугаһаабыт курдук санаммытым. Улахан чиэс-бочуот этэ. Ол кэмтэн 54 сыл ааспыт. «Орлёнокка» айаннаан истэхпинэ Ушницкай диэн корреспондены кытта кэпсэппитим. Ол кэпсэтии хаһыакка тахсыбыта.
Радион Горохов, Томпо
«Ити түгэни олус сылааһынан саныыбын, өйдүүбүн, улахан биримиэнэ кэмигэр оҕолордуун мэниктээн сүүрэкэлии сырыттахпына учууталлар миигин кытары өссө 4 уолу ыҥыран ыллылар. «Бэлэм буол» кэриспэдьиэннэрэ кэлэн, эһигини хаһыакка хаартыскаҕа түһэриэхтэрэ диэн эттилэр. Онуоха биһиги уу чаҕай буолбут баттахпытын туора соттон түстүбүт. Оҕо санаабар буолан бу түгэҥҥэ улахан суолтаны уурбатаҕым. Арай кэлин бэйэбин хаһыакка көрөммүн үөрбүтүм-көппүтүм. Бэйэм строитель үөрэхтээхпин, 8 сыл Герой Ф.М. Охлопков аатынан совхозка прорабынан үлэлээбитим, онтон 4 сыл Байаҕантайдааҕы ЖКХ-ҕа бастаан главнай инженеринэн, онтон начальнигынан үлэлээбитим. 2005 сылтан индивидуальнай предпринимательбын, социальнай объектар ремоннарын оҥоробун, биир 9 кылаастаах оскуола, 1 детсад туппутум, кэлин АО ЮВГК сайыҥҥы оҥорор ремоннарыгар подрядчигынан кыттабын, «Дворы» диэн Федеральнай программаларын үлэҕэ киллэрдибит, онно 4 игровой, спортивнай площадкалар үлэҕэ киирдилэр. Управление Архитектуры сүнньүнэн, Минфин нөҥүө нэһилиэкпит «Программа поддержки местных инициатив» 2018 сылтан күрэхтэргэ кыайан ол үлэлэрин толоробун.»
Нестерова Марфа, Амма
«Туйгун үөрэхтээх, бэрээдэктээх буолан, араас тэрээһиннэргэ кыттыыны ылан хаһыакка тахсыбытым. Оччолорго хаһыакка тахсар наһаа суолталаах этэ, тоҕо диэтэр дьон бары оҕолоругар анаан хаһыат суруттаран аахтараллара. Төрөппүттэр оҕолоругар миигин холобур гынан хаһыаты көрдөрөллөр эбит диэн кэлин билбитим. Ол иһин бу дневниккэ тахсыбытым миэхэ улахан суолталаах этэ. «Эн үчүгэйдик үөрэннэххинэ эмиэ хаһыакка тахсыаххын сөп» диэн оҕолору төрүппүттэрэ мотивациялыыллар этэ. Бэйэм юрист идэлээхпин, Москваҕа Пенсионный Фонда исполнительнай дирекциятыгар үлэлээн Пенсионнай Фонда туйгуна болбутум.»
Екатерина АЛЕКСЕЕВА, Максим НИКОЛАЕВ, Мия ЕГОРОВА, Наталья СЕМЕНОВА
ХИНТуоКҮ ЛТ-21 бөлөх III кууруһун устудьуоннара