Үөрэнэр оскуолам Василий Андреевич Протодьяконов – Кулантай аатын сүгэр.
Василий Андреевич сэтинньи ый 14 күнүгэр 1912 сыллаахха уруккута Бороҕон улууһун (билигин Уус Алдан оройуона) Хоро нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оҕо сааһыгар төгүрүк тулаайах хаалбыта. Олохтоох былаас көмөтүнэн 12 сааһыгар интернакка ылыллан Мүрү оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр общественнай улэҕэ кыттара. Үөрэҕэр учугэйин билэн, сир түҥэтигэр, бурдук соҕотуопкатыгар, быыбар хампаанньатыгар суруксутунан, холкуостары тэрийиигэ боломуочунайынан үлэлэппиттэрэ.
1931 сыл Василий оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайга үөрэнэ киирбитэ. Кини үп техникумун туйгуннук бутэрбитэ. Онтон кэнники үлэлии сылдьан Москватааҕы финансовай институту бүтэрэр.
Сэрии, сут кураан кэмигэр республика үбүн наркоматыгар үлэҕэ ылыллыбыта.1947 сыл, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ССРС НА СО филиала тэриллэригэр дьиэ-уот наада буолбутугар, кини үп министринэн үлэлии олорон, бэйэтин хонтуоратын туран, элбэх үлэһиттээх министерствотын финансовай техникум уопсай дьиэтигэр көһөрбүтэ. Бу оччотооҕуга хорсун быһыы. Бу кэмнэргэ ханнык да хоромньу тахсыбатаҕа. Дьэ, бу кэннэ Василий Андреевич ССРС үбүн министрыттан Зверевтэн көҥүл ылан, ханна да суох ус мэндиэмэннээх таас тэрилтэни туттарар.
1952 сыл Кремль дыбарыаһын үрдүк трибунатыттан Саха сиригэр үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэри үерэтэргэ, Саха государственнай университетын аһары туруорсар.
В.А.Протодьяконов-Кулантай айар литературнай үлэтин Мүрү оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан «Үөрэххэ барааччы ырыата» диэн бастакы хоһоонун айбыта. Драматург быһыытынан эмиэ биллэр, ол курдук, Кулантай «Көмүстээх тайҕа», «Партизан Морозов», «Манчаары», «Көмүс туораах» диэн драмалары Саха театрыгар туруортаран көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылбыта. 1952 сыл суруллубут «Көмүөл» диэн сэһэнигэр сүрүн герой Туллукчаана оруолун дириҥник арыйар. Суруйааччы бу айымньытын саха уонна нуучча норуота доҕордоһууларыгар анаабыт. Прозаҕа сүрун улахан сэһэнэ «Байанай» былыр былыргыттан саха киһитэ мындыр өйө-санаата саха ыччатын булка уһуйуута суруллар.
Айар үлэҕэ саамай улахан үлэтэ «Уот кыымнаах» уонна «Силис тардыыта» Василий Протодьяконов 80 сааһыгар «Муот киһи» комедияны, «Олох далааныгар» диэн кинигэни суруйбута.
Пенсияҕа да тахсан баран олорботоҕо. 1969 сыл Былатыан Ойуунускай аатынан музейы тэрийэргэ үлэлээбитэ. Сыралах үлэ уон икки сыл устата барбыта. 1981 сыл икки этээстээх дьоҕус таас дьиэ литературнай музей диэн ааттанан үлэҕэ киирбитэ. Үгүс элбэх араас омук сириттэн кэлэн элбэх тэрээһиннэр буолбуттара. Василий Андреевичка сыралаах үлэтин түмүгэр киниэхэ Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбыннай бириэмийэнэн наҕараадалаабыттара. Кулантай аатынан литературнай музей Чаран бөһүөлэгэр баар, онно элбэх тэрээһиннэр буолаллар.
Биһиги Василий Андреевич – Кулантай аатынан оскуолаҕа үөрэнэрбитинэн киэҥ туттабыт уонна киниэхэ сүгүрйэбит.
Сахайаана Аммосова, 8 кылаас үөрэнээччитэ