Өймөкөөн улууһун Н.М. Заболоцкай аатынан Томтор орто оскуолатын дириэктэрэ Алена Владимировна Егорованы кытта XI кылаас үөрэнээччитэ Лена Винокурова сэһэргэстэ.
— Алена Владимировна, бэйэҥ тускунан, баһаалыста, билиһиннэр.
— Н.М.Заболоцкай аатын сүгэр Томтор орто оскуолатыгар дириэктэринэн 2013 сылтан үлэлиибин. Томтор сэлиэнньэтэ – мин төрөөбүт-үөскээбит сирим. СГУ филологическай факультетын нуучча тылын салаатын 2000 с. бүтэрэн, төрөөбүт оскуолабар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэбин саҕалаабытым.
— Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
— Мин, дьиҥэ, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, суруналыыс буолуохпун баҕарар этим. Баҕалаах үөрэхпэр айар конкуруска «хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйаларыҥ суохтар эбит» диэннэр киирбэтэҕим. Инньэ гынан, нуучча тылын салаатыгар киирэрбэр сүбэлээбиттэрэ. Билигин үлэбин олус таптыыбын, ол эрээри суруналыыс да буолбатарбын, оскуолабар куруһуок быһыытынан, видеорепортаж оҥорон, «Саха» НВК телевиденияҕэ дойдубар буолар улахан тэрээһиннэри сырдатабын.
— Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Мин санаабар, оскуола оҕоҕо иккис дьиэтэ буолар, онон кини сайдарыгар табыгастаах, тупсаҕай усулуобуйа тэриллиэхтээх. Учууталларга таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр усулуобуйаны тэрийии.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий , хас учуутал үлэлиирий?
— 2023-2024 үөрэх дьылыгар Томтор орто оскуолатыгар 150 оҕо үөрэнэр (78 уол, 72 кыыс), учааталбыт ахсаана — 30.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— 2019 с. саҥа оскуолаҕа киирэн үлэлииргэ бары услуобуйа баар. Оскуолабытыгар наһаа үчүгэй литературнай-кыраайы үөрэтэр мусуойдаахпыт билигин кыараҕас хоско турар. Кыах көстөрүнэн, кэҥэтэн туспа тупсаҕай оҥоһуулаах мусуойданыахпытын баҕарабыт. Саҥа оскуолаҕа киирэн, элбэх тырааныспарданныбыт эрээри, сөптөөх гараас суоҕа улаханнык мэһэйдиир.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгын?
— Үөрэх хаачыстыбатын тупсуута хас да фактортан тутулуктаах: хас биирдии үлэһиттэн, материальнай-техническай хааччыллыыттан, учебниктан, судаарыстыбаннай бэлиитикэттэн.
2022-2023 үөрэх түмүгүнэн үчүгэй көрдөрүүлээхпит. Быйылгы үөрэх сылыгар 2 оҕо мэтээлинэн түмүктүүргэ кыһаллаллар.
Оҕолор ЕГЭ, ОГЭ туттаран, бары талбыт үөрэхтэригэр үөрэнэ сылдьаллар. Биһиги оҕо бэйэтин кыаҕын толору арыйарын ситиһэ сатыыбыт. Хас биирдии үөрэнээччи ханнык хайысхаҕа ордук дьоҕурдааҕынан көрөн, ону арыйыахтаахпыт. Ону ситиһэр буоллахпытына, ол аата хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэбит дии саныыбын.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый?
— Учебнигынан 100% хааччыллан олоробут. «Просвещение» издательствоттан ылабыт. Учебниктар бары федеральнай ирдэбилгэ эппиэттииллэр. Ону таһынан сахалыы учебниктары «Айар» кинигэ кыһатыттан ылабыт. ФГОС ирдэбилинэн учебниктарбыт сотору-сотору саҥардыллаллар, онно анаан харчы көрүллэр.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын кытта бииргэ үлэлэһэбит: “Кэскил” уонна “Бэлэм буол” хаһыаттарга уонна “Чуораанчык”, “Колокольчик” уонна “Юность Севера” сурутуулаахпыт.
— Быйыл Россияҕа — Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Судаарыстыбаннай бэлиитикэ дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутарга ананна. Оскуола дьиэ кэргэни кытта ыкса ситимнээхтик, бииргэ үлэлээтэхпитинэ, оҕолорбутун ситиһиилээх, үтүө дьон гына иитиэхпит. Оскуола, төрөппүт оҕону иитиигэ биир санаанан салайтаран, үлэлээн, сөптөөх үөрэтии-иитии ыытыллан, оҕолор сайдалларыгар кыһаллан үлэлиэхтээхпит. Ол туһугар биһиги дьиэ кэргэн оскуола олоҕор көхтөөх кыттыыны ылалларын көҕулүүбүт.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Тыа сиригэр оскуола аҥардас үөрэх кыһата эрэ буолбакка, бөһүөлэк культурнай, социальнай-экономическай сайдыытын биир сүрүн күүһэ буолар. Этэргэ дылы, оскуола баарын тухары, тыа сирэ тыыннаах. Оскуола кэллэктиибэ, үөрэнээччилэр нэһилиэк бары тэрээһинигэр кыттыыны ылабыт, улахан тэрээһиннэри көҕүлээн ыытабыт.
Ыччаппыт үөрэхтэнэн, идэ ылан, төрөөбүт нэһилиэктэригэр, улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ туһалаах дьон буола улаатыахтаахтар. Онон дойдуларын сайыннарарга дьулуһар ыччаты иитэн таhаарыахтаахпыт.