Тохсунньу 31 күнүгэр үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньахтарын түмүктүүр түһүмэҕэ. Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова 2021 сыллааҕы үлэ түмүгүнэн отчуоту билиһиннэрдэ. Ирина Павловна үөрэх систиэмэтигэр бары хайысхалары таарыйан туран туох уларыйыы баарын, инникитин туох сорук турарын сиһилии кэпсээтэ.
2021 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 66 тыһ. тахса иитиллээччилээх 735 оҕо уһуйаана үлэлиир. Олортон 3 тыһ. тахсата —ураты үөрэххэ наадыйыылаах. Маны таһынан «Демография» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн эбии 1,5-тан 3-гэр диэри саастаах кырачааттарга 445 миэстэ арыллыбыт.
Уопсай үөрэхтээһиҥҥэ Сахабыт сирин үрдүнэн 641 оскуолаҕа 148 тыһ. тахса оҕо үөрэнэр. 2020-2021 үөрэх дьылын уратытынан 11 кылаас үөрэнээччилэригэр ФГОС олоххо киирбитин миниистир бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 23 муниципальнай тэриллиигэ 45 гимназия уонна лиссиэй үрдүк таһымнаахтык үлэлииллэр.
Ирина Павловна 2022 сылга сүрүн тосхоллорунан алын сүһүөх уонна уопсай үөрэхтээһиҥҥэ саҥардыллыбыт ФГОС бырагырааматыгар көһөрүүнү, үөрэх систиэмэтигэр “Развитие инклюзивного образования в Республике Саха (Якутия)” СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын бигэргэтиини, алта профессиональнай үөрэхтээһин баазатыгар 28 “Ворлдскиллс” халыыптаах аныгы мастарыскыайдары арыйыыны бэлиэтээн аһарда.
2021 сылга өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн Наука сылыгар аналлаах былаан ылыллан толору үлэлээтэ. Чуолаан ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн саамай сүрүннэринэн — Саха сиригэр Арассыыйа наукатын күннэрэ, РАН президенэ А.М. Сергеев кыттыылаах «Университеты и развитие геостратегических территорий России» форум, IX «NAUKA 0+» наука фестивала, «Шаг в будущую профессию» эдэр чинчийээччилэр XV форумнара бэлиэтэннилэр. Ааспыт сылга «О науке и государственной научно-технической политике» сокуон саҥа эрэдээксийэтэ ылылынна. Маны таһынан саҥа «Научно-технологическое развитие Республики Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» СӨ судаарыстыбаннай бырагыраамата ылыллан, бастакы сылын үлэлээн эрэр.
Маны таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биир сүрүн ылылыллыбыт суолталаах докуомуонунан «Сохранение и развитие государственных и официальных языков в Республике Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» судаарыстыбаннай бырагыраама буолар. Ол курдук төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, төрөөбүт тыл сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллан турар.
Быйыл үөрэҕэрии систиэмэтигэр Ааҕыы сылынан биллэриллибитэ. Бары билэрбит курдук, ааҕыы – сүрүн сайдыы тосхоло буолар. Оҕолорбутун, үүнэр ыччаппытын ааҕыы кэрэ эйгэтигэр сыһыаран, киэҥ билиилээх, ураты толкуйдаах, саҥарар дьоҕурдаах көлүөнэни иитэн таһаарыы билигин бастыҥ соругунан буолар.
Дакылааты кытары СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтин сайтыгар билсиэххитин сөп бу манна: Ссылке
Презентацияны манна көрүөххүтүн сөп: Здесь
keskil14.ru