Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна култуура уонна искусство Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института «Үөрэх тэрилтэлэригэр медиа-студиялары тэрийии» квалификацияны үрдэтэр бырагырааммаҕа бу дьыл олунньу 10 күнүттэн онлайн платформаҕа ыҥыраллар.
Куурус сыала: үөрэх тэрилтэлэригэр медиа-студия уруок таһынан эбии үөрэхтээһин дьарыгын быһыытынан тэриллиитигэр учууталлар компетенцияларын тупсарыы.
Кууруһу кимнээх истэллэрий: учууталлар, эбии үөрэхтээһин педагогтара, оҥорон таһаарар үөрэх маастардара.
Үөрэх формата: дистанционнай үөрэх ньымаларын туһанан кэтэхтэн үөрэнии.
Үөрэх кээмэйэ: 16 чаас.
Куурус хаамыытыгар хас биирдии истээччи практическай үөрүйэхтэри ылыаҕа:
— уруок таһынан дьарык уонна эбии үөрэхтээһин бырагыраамматын чэрчитинэн оскуола медиа-студиятын тэрийиигэ;
— Интэриниэт ситимигэр таһаарарга бэйэ контенын олохтуоҕа;
— Оскуолатын сайтыгар уонна социальнай ситимнэригэр хаартыска, видеоматырыйаал былааннаан таһаарыыга үөрэниэҕэ.
Куурус ис хоһооно:
1 модуль. Үөрэх тэрилтэтигэр медия-студияны тэрийии методиката.
Оскуола медиа-студиятыгар оҕо сатабылын, үөрүйэҕин учуоттаан үөрэнээччилэри талыы. Күннээҕи иитэр-сайыннарар үлэ былааныгар олоҕуран тэрээһин оҥоруу.
2 модуль. Бэйэ контенын оҥорон таһаарыы технологиялара.
Сөптөөх тиэмэни талыы. Матырыйаал тиэкиһин сөпкө суруйуу. Интервью.
SMM-хамсатыы, социальнай ситимнэр.
3 модуль. Мультимедийнай контент оҥорон таһаарыы ньымалара.
Хартыынаны уонна иллюстрацияны оҥоруу уонна талыы. Сюжетнай хаартыска. Видеоматырыйааллары устуу уонна монтаж.
Куурус түмүгэр истээччилэргэ квалификацияны үрдэтии туоһу суруга туттарыллар.
Куурус сыаната: 199 солкуобай (2022 сыл олунньу 25 күнүгэр диэри).
Сайаапкалары keskilpress@mail.ru электроннай аадырыска тутабыт.
Билсэр төлөпүөҥҥүт: 89142745866.