Бу дьыл саҕаланыытыттан үөрэх тэрилтэлэригэр аналлаах саҥа ирдэбил киирдэ — «Санитарно-эпидемиологические требования к организациям воспитания и обучения, отдыха и оздоровления детей и молодежи». Бу тиэмэҕэ «Российская газета» хаһыат быһа биэриитигэр өҥөнөн туһанааччы көмүскэбилин уонна дьон-сэргэ этэҥҥэ буолуутун эйгэтин кэтээн көрүүтүн федеральнай сулууспатын салайааччытын солбуйааччы Ирина Брагина билиһиннэрдэ. Биэриигэ киирбит ыйытыыга хоруйдары толору «Российская газета» чугастааҕы нүөмэригэр бэчээттиэхтэрэ.
«Санитарно-эпидемиологические требования к организациям воспитания и обучения, отдыха и оздоровления детей и молодежи» ирдэбилгэ үөрэҕирии цифровой эйгэтин, дистанционнай үөрэтии, мобильнай төлөпүөннэри туһаныы туһунан урут суох, саҥа раздел киирдэ. Бу быһа эфири ыытаары, эрдэттэн хомуйуллубут боппуруостартан биир сүрүнүнэн: «Өскөтүн мобильнай төлөпүөнү үөрэххэ туһанар көҥүллэммэт буоллаҕына, оскуолаҕа илдьэ кэлэр бобуллар дуо?»- диэн буолар.
Ирина Брагина хоруйа маннык:
— Биһиги дойдубутугар мобильнай төлөпүөнү оҕолор үөрэх тэрилтэлэригэр илдьэ сылдьаллара бобуллар диэн суох. Оҕолор төлөпүөнү көҥүл илдьэ сылдьан, чугас дьоннорун, доҕотторун кытта сибээстэһиэхтэрин син. Ол эрээри саҥа санитарнай нуормаларга мобильнай төлөпүөнү үөрэтиигэ туһанар бобуллар. Өскөтүн учуутал электроннай ньыманан видеоматырыйаалы көрдөрүөн баҕарар буоллаҕына, көмпүүтэр, планшет, моноблок, интерактивнай дуоска нөҥүө көрдөрүөхтээх, оҕолор төлөпүөннэригэр эрэ буолбатах. Төһө да билигин аныгы смартфон толору кыахтаах көмпүүтэр да буоллун, оҕо доруобуйатын харыстыыр миэрэ тутуһуллуохтаах – экран кээмэйэ, сурук шрибин улахана-кырата, харахха диэри ырааҕа-чугаһа…
Ирина Брагина мобильнай төлөпүөнү туһаныы туһунан быһа эфиргэ өссө маннык быһаарда:
— 2019 сыллаахха биһиги Рособрнадзор уонна РФ просвещение Министерствотын кытта оскуолаларга мобильнай төлөпүөннэри туттууну бэрээдэктииргэ сүбэлэри (рекомендации) биэрбиппит. Ханнык эрэ оскуолаҕа анал дьоҕус дьааһыктары оҥорон, оҕолор төлөпүөннэрин онно харайаллар, ханна эрэ учууталлар оҕолору эрдэттэн төлөпүөннэрин арааралларыгар сэрэтэллэр.. Төһө да бу сүбэ (рекомендации) эрэ буоллар, оскуолалар баһыйар аҥардара тутуспута. Учууталлар уонна төрөппүттэр өйөөбүттэрэ.
Салгыы биһиги мониторинг ыыппыппыт: оскуолаҕа мобильнай төлөпүөннэри туттууну хааччахтааһын оҕолорго хайдах дьайда? Түмүк олус интэриэһинэй буолбута. Оҕолор улахан аҥардара уруокка матырыйаалы ылынар, толкуйдуур дьоҕурдара, болҕомтолоро үрдээбитэ. Бэйэ-бэйэлэрин кытта илэ кэпсэтэллэрэ, олорон тахсыбакка, хамсаналлара элбээбитэ. Бу чахчы оҕо личность быһыытынан үүнэригэр, мэйиитэ-өйө сайдарыгар, бүтүн доруобуйатыгар улахан суолталаах. Илэ сирэй көрсөн кэпсэтии, вербальнай коммуникация нейроннай сибээс, ол эбэтэр нейрофизиология, нейропсихология, сайдарыгар көмөлөһөр. Педагогтар, мин тугу этэрбин, билэллэр, өйдүүллэр.
Өссө төгүл хатылыыбын: оскуолаҕа төлөпүөнү туттууну биһиги боппоппут. Төлөпүөнү уруок кэмигэр көмпүүтэр уонна планшет оннугар туттулларын бобобут.