Бу күннэргэ үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин тохсунньу ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа буола турар. Мунньах СӨ үөрэҕириитин уонна наукатын министиэристибэтин отчуотуттан саҕаламмыта ураты буолла. Миниистир Владимир Егоров отчуокка ааспыт сыл ситиһиилэрин уонна саҥа сыл былааннарын билиһиннэрдэ.
Сүрүн тосхоллорунан дойду национальнай бырайыагын, СӨ Ил Дарханын Айсен Николаев үөрэҕириигэ туһуламмыт ыйаахтарын, инновационнай бырайыактарын олоххо киллэрии буолар. Бу сылга “Точка роста” гуманитарнай уонна техническай хайысханан сайдыы 42 кииннэрэ арыллыахтара. 102 уопсай үөрэхтээһин уонна идэтийбит үөрэх тэрилтэлэригэр цифровой үөрэхтээһин материальнай-техническай тэрилэ саҥардатыллыа. Үөрэх тэрилтэлэрин дьиэтин тутуута салҕаныа – 11 оскуола, 10 оҕо уһуйаана үлэҕэ киириэ. Балаҕан ыйыгар Идэҕэ уруттаан бэлэмниир киин арыллыа. Маны таһынан, биир сүрүн түгэнинэн Уһук Илин регионугар аан бастакы “АйТи-куб” уонна “Мобильнай кванториум” тэриллиэ.
Отчуот чэрчитинэн миниистир ыйытыыларга хоруйдаата. Олортон биирдэстэринэн Ил Түмэн депутата Мария Христофорова ааҕыы туһунан ыйытыга буолла. Владимир Егоров онно: “СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ 2013 сыллаахтан Ааҕыы концепциятын олоххо киллэрэр. Манна даҕатан эттээххэ, Саха сирэ “Саамай ааҕар регион” диэн бэлиэтэнэн турар. “Ааҕар дьиэ кэргэн”, о.д.а. куонкурустар ыытыллаллар. Онон нууччалыы тылынан ааҕыы таһыма үчүгэй диэххэ сөп. Ол эрээри саха тылынан ааҕыыга, кырдьык, болҕомтону ууруохха наада. Саха тылын тэҥэ уонна да атын норуодунастар тылларыгар эмиэ. “Бэлэм буол”, “Хатан” сурунааллар баалларыгар махтаныахха наада. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата эмиэ биһигини кытта бииргэ үлэлиир. Бу соторутааҕыта “Кэскил” хаһыакка “Миниистир колонката” тахсар буолла. Саҥа бырайыактары өйүүбүт. Саха тылын олимпиадатын баҕалаах оскуолалары кытта ырытан тэрийиэхпитин син.
Салгыы өрөспүүбүлүкэ улуустарын үөрэҕин управлениеларын уонна үөрэҕирии ведомстволарын салайааччыларын кытта сүбэ мүнньах буолла.
Сарсын И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ СӨ педагогическай уопсастыбаннаһын ХIV сийиэһин Концепциятын бэлэмниир бырайыак-сессията буолуо.