Бүгүн, алтынньы 6 күнүгэр, Учууталлар уонна педагогическай XIV съезтэрин чэрчитинэн «Экодухуобунай Кут Дабаан иитии, үөрэтии тускула» устудьуоннарга, учууталларга, төрөппүттэргэ аналлаах интерактивнай семинар үлэтин саҕалаата.
Тэрийээччилэринэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Педагогическай института, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама сүрүннээччилэрэ буолаллар.
Семинар бочуоттаах ыалдьыта — техническэй наука кандидата, атомнай промышленность уонна өҥнөөх металлургия бэтэрээнэ, «Кут Дабаан» бырагыраама ааптара, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, Новосибирск куоракка саха устудьуоннарын холбоһуктарын настаабынньыга Иоган Егорович Максимов.
Тэрээһин үс түһүмэхтэн турар, ол курдук маҥнайгы чаас — сирдьит: спикердар этиилэрэ, иккис чаас — быраактыка үлэтэ уонна үһүскэ — кыттааччылар оҥорбут бырайыактарын көмүскүөхтэрэ.
Татьяна Жиркова, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин сүрүн редактора:
— Cеминар кыттыылаахтара инникитин учуутал буолуохтаах, иитэр-үөрэтэр эйгэни салайыахтаах оҕолор уонна устудьуоннар. Сүрүн ыалдьыппыт, Арассыыйаттан спикер-лектор , Саха сирин киэн туттар ытык киһитэ, «Кут Дабаан» экодухуобунай үөрэх ааптара, ол үөрэҕин дириҥ философиятын тарҕатааччы, учуонай Иоган Егорович Максимов. Кини Саха сиригэр, дойдутугар кэлэн, «Кэскил» норуот педагогикатын лабораториятын иһинэн 19 уруогу кэпсээн уһуллубут. Ону саас-сааһынан, биирдии-биирдии бэлэмнээн таһаарыахпыт. Бу үөрэҕи дириҥник көрөн ылынарга уонна куппутугар-сүрбүтүгэр олордон ыччаттарбытыгар тириэрдэргэ бэлэм буолабыт!
keskil14.ru