Сэтинньи 19-21 күннэригэр Москва куоракка үөрэнээччилэр хамсааһыннарын бүтүн Арассыыйатааҕы педагогическай форума буолла.
Форуму Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтин иһинэн «Арассыыйатааҕы оҕолор хамсааһыннара» (РДШ) тэрилтэ иилээн-саҕалаан ыытар. Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн уопсайа 400-тэн тахса педагог-уһуйааччы баар.
Манна Саха сириттэн 12 киһилээх үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин делегацията кыттыыны ылла.
«Становление личности: от активности до выпускника РДШ» нетворкинг» , «Как сделать цифровую среду воспитателей?», «Формирование региональной (этнической) и общероссийской гражданской идентичности», «РДШ как среда эффективного взаимодействия родителей и педагогов» уо.д.а. тиэмэлэргэ педагогическай воркшоптар ыытылыннылар.