«Өрөгөй» спорт кулууба 2024-2025 үөрэх дьылын эстфетанан арыйда. Ол курдук балаҕан ыйын 11 күнүгэр оскуолабыт спорт саалатыгар 5-11 кылаас 57 үөрэнээччитэ үс хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр.
Бастакы хамаанда — » Хотойдор», хапытаан Валера Степанов, 11 кылаас үөрэнээччитэ. Иккис хамаанда — «Мохсоҕоллор», хапытаан Максим Собакин, 11 кылаас үөрэнээччитэ.
Үһүс хамаанда «Пекка», хапытаан Дьурус Артемьев, 11 кылаас үөрэнээччитэ.
Күрэхтэһии бастакы түһүмэҕэр, түргэнник сүүрүүгэ, «Мохсоҕоллор» хаалан иһэн, бүтэһик мүнүүтэлэргэ кыайыыны ситистилэр. Иккис түһүмэххэ икки киһи бэйэ-бэйэлэригэр мээчик ууран сүүрдүлэр. «Хотой» хамаанда кыайыыны ситистэ. Үһүс түһүмэххэ мээчиги тэйитэн сүүрэн кольцоҕа киллэриигэ, «Хотойдор» очкуо суруннулар. Төрдүс түһүмэх — мэһэйдэри туорааһын. «Хотойдор» түмсүүлээхтэрин, сымсаларын көрдөрдүлэр. Бэһис түһүмэх — мээчиги сиртэн түргэнник ылааһын. Бу сырыыга «Мохсоҕол» хамаанда кыайыылаах таҕыста. Кинилэр бу түһүмэҕи биир да хотторуута суох аастылар. Бүтэһик түһүмэх — канат тардыһыыта. Бары хамаандалар бэйэ- бэйэлэрин кытта киирсэн, бары тэҥҥэ үлэлээн, стратегиялаан, кыайыылаах буолар туһугар үлэлээтилэр.
Түмүккэ «Хотойдор» инники күөҥҥэ таҕыстылар.
Онон уопсай түмүккэ «Хотойдор» бастаатылар. Иккис «Мохсоҕол» хамаандата буолла. Үһүс миэстэҕэ «Пекка» таҕыста.
Ити курдук бары эйэ дэмнээхтик оонньоон, быйылгы үөрэх дьылын бастакы күрэхтэһиитин үөрэ-көтө түмүктээтибит.
Оскуолабытыгар хамаандаларынан күрэхтэһиилэр сылы эргиччи ыытыллыахтара. Кыайыылаах хамаанда аатын сыл түмүгэр билиэхпит.
Маны барытын тэрийэн ыытар дьоммутунан физкультура уруогун учууталлара Александр Петрович уонна Реворий Михайлович буолаллар.
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас, С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы