Быйылгы үөрэх үлэһиттэрин тохсунньу ыйынааҕы мунньаҕа “Россияҕа педагог уонна наставник сылыгар” ананан ыытылынна. Мунньах тохсунньу 30-31 күннэригэр үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэригэр онлайн киирэн кыттыыны ыларга кыах биэрдэ . Ыраах улууска олорор педагогтар мунньаҕы тутан олорон иһиттилэр, мунаахсыйар боппуруостарыгар эппиэттэри ыллылар.
Мунньах секцияларынан арахсан киэҥ бырагырааммалаах ааста. Сүрүн толкуй, тобулуу үөрэх эйгэтин үрдэтии, хас биирдии оскуола бэйэтин иһигэр үлэтин, үөрэх хаачыстыбатын сыаналаан, сөптөөх түмүккэ кэлиитин ситиһии тула кэпсэтиилэр буоллулар. Профилактическай үлэлэр ыытыллыахтаахтарын туһунан этии күүскэ этилиннэ. Хас биирдии улуус, оскуола үлэтэ бүттүүн коллектив үлэтэ буолуохтааҕын өйдөтүү, сырдатыы ыытылынна. Оҕо олоҕор суолун булуута, оскуолаҕа ылбыт билиитэ тирэхтээх буоларыгар үлэ өссө чочуллуохтааҕа бэлиэтэннэ. Патриотическай иитии, оҕо айылҕаттан талаанын арыйыы, хас биирдии учуутал үлэтэ халтай ыытыллыбатын курдук, үлэ сүнньэ чуолкай буолуохтааҕа, онно үлэ хаамыытын кэтээн көрүү, үлэни анаалыстааһын уонна түмүк тахсарыгар чопчу сыаллаах үлэ ыытыллыахтааҕа этилиннэ.
Инникитин үөрэхтээһин эйгэтэ үрдүк түмүктээх уонна хас биирдии учуутал үлэтин түмүгэ тахсыылаах, тирэхтээх буолуо диэн эрэнэбит.
Нюргуяна Захарова