Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Дьокуускай куорат биир бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһатыгар сылдьан кэлбиттэрин туһунан санааларын үллэстэллэр.
Амалия Трофимова: “Биһиги алтынньы 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ФТИ, ИМИ, ИТИ, ИЕН үөрэх кыһаларыгар профориентационнай айаҥҥа сылдьан кэллибит. Хас биирдии институкка ханнык идэлэр баалларын, ханнык идэлээх үлэһит буолан тахсыахха сөбүн туһунан сиһилии кэпсээтилэр”.
Артем Тимофеев: “Мин ордук ФТИ преподавателлэрэ кэпсииллэрин сөбүлээбитим. Кинилэр араас уопут, механизм оҥороллорун көрдөрбүттэрэ үчүгэй этэ. Физика сокуоннарын биллэххинэ, тугу баҕарар оҥоруоххун сөп дииллэр. Бэйэм ФТИ-га туттарсан көрүөм этэ”.
Валериан Лукин: “ФТИ-га күндү тааһы кырыылыыр ньыманы көрдөрбүттэрин сэҥээрбитим. Араас киэргэли оҥороллор эбит. Дизайнын эҥин айаллар. Ол гынан баран, ити үөрэххэ киирэргэ үчүгэйдик уруһуйдуохха наада эбит. Техническэй үөрэххэ туттарсарым буолуо”.
Илья Иванов: “ФТИ-ны уонна музейы интэриэһиргээтим. Музейга экскурсовод ханнык кыыллар сүтэн эрэллэрин кэпсээбитэ сонун этэ”.
Дархан Тихонов: “ИТИ-гэ бетон оҥороллорун көрдөрбүттэрэ, дьиэ каркаһын бэрэбиэркэлииллэр эбит. Мин ордук ити тутуу өттүн интэриэһиргээтим”.
Кирилл Павлов: “Мин ФТИ-га эбэтэр онно сыһыаннаах үөрэххэ туттарсыахпын баҕарабын. Бары даҕаны үчүгэйдик кэпсээбиттэрэ, боппуруостарга эппиэттээбиттэрэ. Бары кылааһынан “Rostics” аһаабыппыт, урут бииргэ үөрэммит кылааспыт оҕолорун көрсүбүппүт”.
Женя Черемкин: “Мин ИТИ-ны кэпсииллэрин сөбүлээн иһиттим. Маннык сылдьар үчүгэй эбит. Өссө атын үөрэхтэри көрүөххэ сөп”.
Стас Громов: “Мин ИМИ-ны интэриэһиргээтим. Ханнык экзаменнары туттарсан киирэрбитин, төһө баллаах буоллаххына үөрэххэ киириэххэ сөбүн билбитим. КФЕН-ҥа бастакыбын сырыттым”.
Вероника Федорова: “Мин туттарсар үөрэҕим бу сырыыга суох этэ. Ол эрээри КФЕН-ҥа сылдьан, ФТИ-га МРТ аппаратын туһунан кэпсээбиттэрин интэриэһиргээбитим уонна чуучулалары хайдах оҥороллорун. Бэйэм медицинскэй үөрэххэ туттарсар баҕалаахпын”.
Милена Апросимова: “Устудьуон олоҕо хайдаҕын, устудьуоннар хайдах үөрэнэ сылдьалларын бары бииргэ сылдьан көрбүппүт интэриэһинэй этэ. Биһиги биир умнуллубат күнү тэҥҥэ атаарбыппыт”.
Туяра Осипова: “Дьокуускай куоракка кылааһынан барар хаһан баҕарар интэриэһинэй. Кылааспыт салайааччыта Розалия Федоровна уонна психолог Екатерина Анатольевна илдьэ сырыттылар. Бу айаммыт биһиэхэ туһалаах буолла”.
М.Е. Васильева аатынан
2 Малдьаҕар орто оскуолатын
медиакиинэ.