Биһиги оскуолабытыгар ыйын аайы спортивнай күрэхтэһии буолар. Манна маҥнайгы кылаастан саҕалаан бары кытталлар. Ол курдук ахсынньы ыйга, үгэс быһыытынан, үрдүгү ыстаныы буолар.
Кыргыттарга уолаттарга тус-туспа, кылаастарынан иккилии бөлөххө арахсан күрэхтэһии ыытыллар. Кыттааччылар долгуйуулара, ыалдьааччылар ыһыылара-хаһыылар, тренердэр сүбэлэрэ барыта биир санааҕа — кыайыыга түмүллэр.
Манна араас барыта баар буолар. Ким эрэ олох табалыы ойор, ким эрэ планканы аргыый аҕай атыллыыр эрэ, сорохтор сатаан ыстаммакка сүүрэн тиийэ-тиийэ турунан кэбиһии.
Ол да буоллар оҕолорго да, төрөппүттэргэ да олус интэриэһинэй, күүтүүлээх күрэхтэһии буолар. Быйылгы ыстанааччыларбыт урукку оҕолорбут рекортарны куоһарбаталлар да, бэйэлэрин кыахтарынан ыстаннылар. Кыайыылаахтар пьедесталга тахсан, мэтээл кэтэн, грамота ылан, минньигэс бэлэх туттулар.
И. Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.