“Божественная Рамаяна. Беседа Ситы и Ханумана” диэн испэктээкил саҕаланыан иннигэр, филологическай наука кандидата, санскритолог, РНА А.М. Горькай аатынан аан дойду литературатын Институтун научнай үлэһитэ Наталья Ростиславовна Лидова көрөөччүлэри Кутияттам диэн санскрит тыйаатырын, Рамаяна эпос туһунан сырдатта, турукка киллэрдэ. “Рамаяна — эһиги Олоҥхоҕут курдук”, диэтэ.
Чахчы да, Олоҥхоҕо курдук: манна эмиэ сырдык уонна хараҥа күүс алтыһаллар, кыыстаах-уол судургута суох мүччүргэннээх түгэҥҥэ түбэһэллэр, кыыһы сүүрбэ илиилээх, уон төбөлөөх адьарай бииһин ууһа тоһуур буолан иилиир, соһуччу баҕайытык, көһүппэтэх өттүттэн, оонньуу хаамыыта уларыйан-тэлэрийэн иһэр.
Оонньуу саҕаланыыта артыыстар барабааннарын кытары ситимҥэ киирээри, тарбахтарынан оргууй даҕайан ылаллар. Ол эрэ кэнниттэн бытаан охсуулар саҕаланаллар. Икки чаастаах испэктээкил былаһын тухары барабааны охсооччулар кыл түгэнигэр да, тохтоон көрбөтүлэр ээ. Оонньуу тыҥааһынын барабаан дохсун тыаһынан эбии түрбүйэн, түгэни күүһүрдэн биэрэ истилэр. Сорох көрөөччү ол күүстээх тэтимҥэ олорсон, хамсана, үҥкүүлэһэ олордо.
Култуура уонна искусство Арктикатааҕы государственнай институтун Андрей Борисов уус-уран салайааччылаах “Театральное искусство” кафедратын устудьуоннара санааларын үллэстэллэр.
Айсен Никонов:
– Кутияттам тыйаатырын артыыстарын кытары көрсүһүүгэ сылдьан, Индия фольклорун, искусствотын кытары билсэрбэр төһүү буолла. Саҥаны билэр үчүгэй. Атын дойдуларга ураты театральнай искусство баарын, ону көрдөрөр, быһаарар ньыма эмиэ ураты буоларын итэҕэйэҕин. Тус бэйэм Нам улууһун И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатыгар үөрэммитим. Онно “Чаҕылыс” диэн хоһоону дорҕоонноохтук ааҕааччылар литературнай бөлөхтөрүгэр дьарыктаммытым. Араас тэрээһиҥҥэ кыттарбыт. Ити үөрүйэхпин салгыы сайыннараары, артыыс буолаары бу идэҕэ уһуйулла сылдьабын. Артыыс идэтин эйгэтэ, репетициялар, оонньуулар миигин угуйаллар. Үчүгэй артыыс буолуом диэн эрэнэбин. Кутияттам тыйаатырын билсиим инникитин салҕаныа дии саныыбын.
Нарыйаана Винокурова:
– Мохиниаттам диэн ааттаах, храмҥа эрэ толоруллар Таҥара үҥкүүтүн астына көрдүм. Индийскэй үҥкүү дириҥ уонна баай төрүттээҕин итэҕэйдим. Бачча уустук кэмҥэ, биһиэхэ Индия искусствотын билсэр кыах бэриллибититэн олус үөрэбин. Үҥкүүһүт баһыттан атаҕар диэри хас биирдии хамсаныыта ис хоһооннооҕун сөхтүм. Актриса Синдху истиҥник, ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран, үҥкүү хамсаныыларын көрдөрдө. Театральнай искусство үөрэҕэр уһуйулла сылдьар киһиэхэ, миэхэ кинилэр маастарыстыбалырын кистэлэҥэр үөрэнии олус интэриэһинэй этэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээти бүтэрбитим. Лиссиэйбэр чиҥ билиини биэрбитин иһин барҕа махталбын биллэрэбин. Инникитин духуобунаһы сайыннараары, бу салааҕа туттарсан киирбитим. Бу орто дойдуга киһилии сыһыан арыт тутахсыйар. Артыыс диэн — үтүөнү, кэрэни күөдьүтээччи диэн өйдүүбүн. Үөрэхпин бары өттүнэн сайдар кыах бэриллэрин, бэйэбит ис кыахпытын арыйарбыт иһин сөбүлүүбүн. Кылгас кэм иһигэр бииргэ үөрэнэр оҕолор биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдук чугас буоллубут. Маннык айар, үтүө кэлэктиипкэ кэлбитим олус үчүгэй.
ххх
ЮНЕСКО сиэдэрэй айымньытын кэккэтигэр киирбит Кутияттам тыйаатыра Саха сирин көрөөччүтүн кутун тутта.
Жанна Леонтьева