От ыйын 9 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгин Ураһалаах сиригэр-уотугар «Тыа сирин оскуолата уонна Үөрэхтээһин марката» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи XX педагогическай дьаарбаҥка уонна Үөрэҕирии үлэһиттэрин Ыһыаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Улуус делегациялара сахалыы сайбаччы таҥнан парадтаан киирдилэр. Мэҥэ Хаҥалас дьоно-сэргэтэ тэрээһин кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.
Өссө 2002 сыллаахха Майа оскуолатыгар дьаарбаҥка идеята үөскээбитэ. Учууталлар, иитээччилэр мустан оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ уопуттарын үллэстэр, саҥа бырайыактарын сырдатар, сайдар суоллары саҕар өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан түһүлгэҕэ кубулуйбутугар Мэҥэ сирэ-уота акылааты уурбут улахан өҥөлөөх. Үөрэҕирии историятыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһа педагогическай дьаарбаҥканы үһүс төгүлүн тэрийдэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов дьаарбаҥка кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын эҕэрдэлээн туран, Мэҥэ сириттэн тахсыбыт чулуу дьону ахтан-санаан ааста. Ол курдук Сэбиэскэй Сойуус бастакы дьоруойа Федор Попов, социалистическай үлэ дьоруойа Афанасий Степанов, сахалартан бастакы академик Владимир Ларионов Саха сирин историятыгар сүҥкэн оруоллаахтарын бэлиэтээтэ. «Күн бүгүн тапталлаах Сахабыт сирин, модун Арассыыйа сарсыҥҥытын оҥорор, ыччаттары иитэр, үөрэтэр улахан эппиэтинэһи санныгытыгар сүгэ сылдьар биһиги үөрэхпит эйгэтин үтүө үлэһит дьоно буолаҕыт»,- диэн Дмитрий Тихонов тоһоҕолоото.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин уонна Наукатын миниистирэ Нюргуна Афанасьевна Соколова кыттыыны ылла.
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка уонна Үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин Ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытынан эҕэрдэлиибин. Бу сылга Үөрэҕирии эйгэтэ араас таһымнаах кэккэ ситиһиилэрдээх. Ол курдук учуутал маастарыстыбатын көрдөрөр 22 профессиональнай күрэх ыытылынна. Арассыыйа таһымнаах педагогическай былаһааккаларга Саха сирин чиэһин дьоһуннаахтык көмүскээтилэр. 2 оҕо Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларга миэстэлэстилэр. 24 оҕо биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы ылла, ол иһигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун 2 оҕото баар. Сыл устата учууталларга, иитээччилэргэ уонна оҕолорго анаан араас грантовай куонкурустар ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ саламтата куруук Үөрэҕирии эйгэтин өйүүр.
Педагогическай дьаарбаҥка үлэтэ күөстүү оргуйар. Барыта 3000 кэриҥэ кыттааччы, эксперт, ыалдьыт түһүлгэлэринэн түмсэн, оҕону иитии, үөрэтии боппуруостарын тула уопут атастаһаллар, былааннары торумнууллар.