Олунньу 10 күнүгэр С.А. Ноҕуруодап аатын сүгэр Чурапчы орто оскуолатыгар саха бастакы лингибиис-учуонайа, саха суругун-бичигин төрүттээччи Сэмэн Андреевич Ноҕуруодап төрөөбүтэ 130 сылыгар, оскуола 150 сыллаах үбүлүөйүн көрсө үгэс буолбут алын сүһүөх оскуола, 4 кылаастарыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ноҕуруодап ааҕыылара” кэнпириэнсийэ куйаар ситимин нөҥүө ыытыллынна. Бу туһунан олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.
“Ноҕуруодап ааҕыылара” кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бэһис төгүлүн ыытылынна. Барыта 182 үөрэнээччи Дьокуускай, Хаҥалас, Мэнэ Хаҥалас, Таатта, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уо.д.а. улуустартан кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар оскуола дириэктэрэ Н.В. Уарова, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын салайааччытын солбуйааччы А.Н. Осипова тыл эттилэр. С.А. Ноҕуруодап хаан-уруу аймахтарын ааттарыттан Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Российскай Федерация норуотун үөрэҕэриитин туйгуна, Россия чулуу учуутала, С. А. Новгородов аатынан государственнай бириэмийэ лауреата Ф.Н. Болдовская бэйэтин видео эҕэрдэтин ыытта, маны таһынан С.А. Новгородов аатынан “Айар” национальнай бэчээтин кыһатын үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин эрэдээктэрэ С.Ф. Константинова лингибиис-учуонай С.А. Ноҕуруодап норуокка киэҥник тарҕаммыт алпаабытынан суруллубут «Сахалыы сурук-бичик» – бастакы букубаар кинигэ туһунан сырдатта.
Кэнпириэнсийэҕэ 10 хайысханан 30 үрдүк таһымнаах эксперт үлэлээтэ. Педагогическай наука кандидаттара Н.П. Артемьев, Т.А. Макарова, Чурапчытааҕы физкультурнай институт преподавателэ М.В. Кардашевская, Чурапчытааҕы колледж преподавателлэрэ Е.К. Ван-Чун-Лин, М.Е. Саввина, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениятын исписэлиистэрэ: С.Т.Кардашевская, С.Л.Эверстова, О.Б. Игнатьева, Д.А. Илларионов, М.С. Артемьева, Л.А.Пермякова, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназияттан И.В. Сивцев, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы интэрнээт оскуолаттан А.Н. Макарова, Н.Г Барашкова, В.С. Яковлев-Далан аатынан Кытанах орто оскуолатыттан Н.Н. Игнатьева, И.Е. Федосеев–Доосо аатынан Дириҥ оскуолатыттан Е.Д. Протодьяконов, Төлөй оскуолатыттан В.С. Луковцева, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан А.А. Спиридонова, А.А. Седалищева, М.Н. Филиппова, Е.В. Иванова, Л.П. Илларионова, М.А.Макарова, М.С. Коркина, Е.В. Прокопьев, Л.Р. Татаринова, А.Е. Григорьева, А.В. Александрова, оҕо бибилэтиэкэтин салайааччыта Е.Н. Дьячковская, С.А.Ноҕуруодап хаан аймахтарыттан Т.М. Николаева, Т.С. Максимова таһаарыылаахтык оҕолор үлэлэрин сыаналаатылар.
Кэнпириэнсийэ түмүгүнэн С.А. Ноҕуруодап хаан -уруу аймахтара бэйэлэрин анал бириистэрин С.А. Ноҕуруодап аатын үйэтитиигэ сыаллаах чинчийэр үлэлээх Катя Монастыреваҕа уонна Чурапчы сирин сэттэ дьиктитин чинчийбит Дьулустаан Собакиҥҥа анаатылар.
Кэнпириэнсийэҕэ кыттыбыт оҕолор төрөппүттэрэ, салайааччылар, оҕолор кэнпириэнсийэ үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтээн тэрийээччилэргэ махтал тылларын ыыттылар. Кыттыбыт оҕолор бары туоһу суругунан, кыайыылаахтар мэҥэ суруктарынан уонна хайҕал суругунан бэлиэтэннилэр.