Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги саайпыт Уһук Илин федеральнай уокурукка бастыҥ көрдөрүүлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт туһунан таһааран турар. Ол кэннэ дойдубут араас муннуктарыттан РЛИ-ны бүтэрээччилэртэн, билигин номнуо устудьуоннартан, махтал тыллаах суруктар кэлэллэр. Биир оннук суругу бүгүн бэчээттиибит.
Мин РЛИ-ны 3 сыллааҕыта бүтэрбитим. Бу кэм устатыгар оскуолабын махтана санаабатах, ахтыбатах күнүм суоҕа. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт — уһулуччу оскуола.
Тоҕо РЛИ-ны талбыппын, туттарсыыга хайдах бэлэмнэммиппин кэпсиир буоллахха, кыра эрдэхпиттэн манна үөрэнэр баҕалаах этим. Ол иһин мин математиканан дьарыктаммытым, өрүүтүн олимпиадаларга, конференцияларга уонна атын күрэхтэргэ кыттарым, кыайарым, ону таһынан туйгуннук үөрэнэр этим, атын предметтергэ эмиэ ситиһиилэрдээҕим, эбии элбэҕи ааҕарым, билэ-көрө сатыырым уонна күн аайы куруһуоктарга сылдьарым. Ити дьарыгым барыта өйбүн сайыннарбыта уонна РЛИ-гэ киирэрбэр көмөлөспүтэ. Уопсайа 6 түһүмэҕи ааһан, улахан ыарахана суох РЛИ-гэ 2011 сылга 5-с кылааска киирбитим.
Манна мин иитиллибитим, олоххо сыһыаным чочуллубута, араас предмеккэ киэҥ уонна дириҥ билиини ылбытым. РЛИ сүрүнэ — киһи буоларга уонна толкуйдуурга үөрэтэр. Хас биирдии учууталбыт төрөппүттүү эйэҕэс сыһыаннааҕа, уруоктарга туох баар барытын туһунан кэпсэтэрбит, ырыппыт кыһалҕаларбыт төрүөтүн уонна сыалын була сатыырбыт: задача суоттааһынын, теория дакаастааһынын саамай төрдө тугун, литература символларын саамай дириҥ суолталара ханныгын, история түбэлтэлэрэ тоҕо баар буолбуттарый, туохха тиэрдибиттэрий. Наар «тоҕо?» диэн ыйытыыга хоруйдуур этибит. Бэйэбит санаабытын аһаҕастык уонна киэҥник этэргэ, сайыннарарга үөрэммиппит.
РЛИ уратыта итиннэ эрэ буолбатаҕа — бу дьиҥ сахалыы иитиилээх уонна эйгэлээх оскуола. Саамай сүрүн предметтэрбиттэриттэн биирдэстэрэ саха тыла уонна саха литературата этилэр, манна наар өйтөн суруйар уонна саха классикатын ааҕар этибит. Саха тылыгар, Саха республикатыгар аналлаах тэрээһиннэр сыл аайы ыытыллаллара, сайын аайы ыһыахтыырбыт. Ону таһынан, Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл ыытар саха культуратыгар, итэҕэлигэр, философиятыгар сыһыаннаах уруоктарын уонна Анна Егоровна Местникова тэрийэр Саха сирин улуустарынан айанныыр экспедицияларын бэлиэтээн этиэм, ахтан ааһыам этэ: бу кырдьык ханнык да атын оскуолаҕа, үөрэх кыһатыгар көстүбэт, бэриллибэт өйдөбүл уонна билии.
Өскөтүн оҕолор бэйэбит испитигэр сыһыаммыт туһунан кэпсээтэххэ, биир сүбэлээх туспа судаарыстыба курдук этибит. Кылаас эрэ иһинэн буолбакка, баҕардахпытына оскуоланы барытын кытта билсэрбит, бары көхтөөхтүк дьоҕур, үөрэх тэрээһиннэригэр кыттарбыт. Манна хас биирдии киһи талаанын арыйара, бэйэтин көрдөрөрө, истиҥ доҕор-атас булара. Элбэх оҕо этэринэн, РЛИ-гэ кинилэр саамай чаҕылхай, дьоллоох сылларын атаарбыттар. Мин бэйэм да итинник диир кыахтааҕым буолуо, РЛИ – диэн эйиигин өрүү өйүүр уонна үтүөнү баҕарар, сүбэлиир дьон.
Оскуолабын бүтэрэн баран мин Арассыыйатааҕы судаарыстыбынай суут-сокуон университетыгар юристка үөрэнэ киирбитим, ол иһин учууталларбар олус махтанабын. Кинилэр ЕГЭ-ни эрэ үрдүк баалларга туттарарбар буолбакка, уопсайынан салгыы ситэриилээхтик үөрэнэрбэр олук уурбуттар. Нуучча тылын уонна литературатын уруоктарыгар Инара Степановна Фёдорова миигин уустук тиэкистэри ырытарга, бэйэм санаабын утумнаахтык этэргэ уонна суруйарга, кичэйэн үлэлииргэ үөрэппитэ, Зоя Петровна Холмогорова тылбын, билиибин чочуйбута, эксээмэҥҥэ бэлэмнээбитэ. Историяҕа уонна обществознаниеҕа Гаврильева Надежда Ильиничналыын араас чахчы (факт) бэйэ-бэйэтин кытта туох сибээстээх буолуон сөбүн холобурдаан ырыҥалыырбыт, кини миигин научнай таһымнаах өйдөбүллэри туттарга үөрэппитэ. Быраап уруоктарыгар Надежда Николаевна Яковлева саамай уустук боппуруостары чэпчэкитик, бары өйдөөн хааларбыт гына тириэрдибитэ, олус тэтимнээхтик, чаҕылхайдык үлэлиирэ.
Мин РЛИ-гэ үөрэммит кэммэр, учууталларбар махталым муҥура суох. Инникитин да оскуолам сайда, чэчирии, өрөспүүбүлүкэни үрдүк таһымҥа таһаара, элбэх оҕону дьоллуу тур! Манна ылбыт үөрүүм, билиим, сыалым миигин өрүү сирдии сылдьар.
Изабелла Афонская,
Арассыыйатааҕы судаарыстыбынай суут-сокуон университетыгар 4-с куурсун устудьуона.