Сылын ахсын сахалыы тылынан ыытыллар «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла» дебат-чөмпүйэнээтин СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха өйүн – санаатын, баайын уонна култууратын сырдатар – чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Уерэ5ин управлениета, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ тэрийэллэр.
Сыала-соруга:
- Сахалыы тыл-өс култууратын, сахалыы саҥарыы сатабылын иҥэрии, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы;
- Оҕо түмэр-салайар дьоҕурун сайыннарыы;
- Төрөөбүт дойдуга бэрэниилээх буолуу, үтүө сыһыан, таптал холобурдары биллэрии.
Ыытыллар күнэ-дьыла, сирэ-уота: 2024 сыл, олунньу 16 күнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, И.Г. Тимофеев аатытан Майа лиссиэйэ.
Хамаанда састааба: Хас биирдии хамаанда 3-түү кыттааччыттан турар. Кыттар оҕолор кылаастара — 7, 8, 9 ( кыыьыттан, уолуттан тутулуга суох).
Ирдэбиллэрэ:
- кыттааччылар тас көстүүлэрэ дьыалабыай оонньууга сөп түбэһэрэ биһирэнэр;
- хас биирдии кыттааччыттан бейджик ирдэнэр (толору аата, оскуолата, кылааһа суруллар);
- эбиэт лиссиэй остолубуойугар туспа төлөбүрүнэн барар.
Түһүмэхтэрэ:
- Араатардааһын түһүмэҕэ. Хамаандаттан биир кыттааччы бэриллибит тиэмэлэртэн тардан ылан 1 мүнүүтэ бэлэмнэнэн, 2 мүнүүтэ устата араатардыыр.
Тиэмэлэрэ:
— Дьиэ кэргэн – уопсастыба бигэ тирэҕэ;
— Оонньоколуур оҕо саас;
— Үөрэх баар — бараммат баай;
— Үлэ – дьол, үүнэр — сайдар суол.
2. «Сахалыы тылынан быһаар» тыл оонньуутун түһүмэҕэ.
Оонньууга хамаанда толору састаабынан кыттар. 1 мунуутэ иьигэр ким элбэх септеех быьаарыны (эппиэти) биэрбитинэн сыана тахсар.
3. Дебат. Дебат ыытыллар формата- Всемирный школьный формат(2 сыһыарыыны кер).
Тиэмэтэ «Үрдүк үөрэхтээх эрэ киһи дойдутугар туһаны аҕалар…»
Сыаналааһын, наҕараадалааһын: Кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бэлиэ, туоһу сурук, анал номинациялар туттарыллаллар.
Тэрийэр бөлөх, сайаапка: Хас биирдии кыттааччы 2024 сыл олунньу ый 12 күнүгэр диэри куонкуруска кыттар туһунан сайаапкатын ostyoryja_2019@mail.ru электроннай аадырыска ыытар. (1 сыһыарыы)
Билсэр телефоннаргыт:
Борисова Сардаана Николаевна — дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы – 89142874619;
Васильева Светлана Семеновна — дириэктэри иитии чааһыгар солбуйааччы – 89142296440;
Кузьмина Ангелина Афанасьевна — «Саха өйүн – санаатын, баайын уонна култууратын сырдатар – чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ салайааччыта — 89142681196.
1 сыһыарыы
Хамаанда сайаапката
Хамаанда аата ______________________________
Оҕолор ааттара, араспаанньалара, аҕаларын ааттара | |
Төрөөбүт сыллара, күннэрэ, суотабай төлөпүөнүнэрин нүөмэрэ | |
Улууһа, оскуолата, кылаастара | |
Салайааччы АААА, үлэлиир тэрилтэтэ, дуоһунаһа, суотабай төлөпүөнүн нүөмэрэ |
2 сыһыарыы
Манна быраабыла ссылката угуллар.
Бу сайтка https:/sakhaetigentyla.ru/ киирэн дебат- чемптонат быраабылатын билсиҥ.