Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сахалыы тылынан тахсар аан дойдуга соҕотох оҕо хаһыатын дьылҕатыгар улахан оруоллаах.
1990 с. уларыта тутуу уустук кэмигэр «Бэлэм буол» хаһыат коммунистическай партияттан үбүлэниитэ быһыллан, сабыллар куттала тирээбитэ. Редактор Нина Иннокентьевна Протопопова хаһыат «тыыннаах» хаалан суолун көрдөөн, оччотооҕу Верховнай Сэбиэт ыччат хамыыһыйатын бэрэссэдээтэрэ Афанасий Васильевич Мигалкинныын Михаил Николаевка приемҥа киирэн, кыһалҕаларын кэпсээбиттэрэ. «Бэлэм буол» сэрии кэнниттэн 1959 сыллаахха сөргүтүллэригэр, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэрин туһунан уураах тахсыбыта. Онон оҕо хаһыата коммпартия үбүлээһинигэр (пионерия хаһыатын быһыытынан) киириэҕэр диэри, 1959 сылтан 10-ча сыл өрөспүүбүлүкэ суотугар тахса сылдьыбыта. Нина Иннокентьевна ити чахчыны куоһур оҥостон, «Бэлэм буолу» төттөрү өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинигэр ылалларын ситиспитэ. Үөрэх министиэристибэтин этиитинэн «Бэлэм буол» «Кэскил», «Будь готовь» «Юность Севера» диэн атын салгыы тахсар буолбуттара. Михаил Ефимович билиҥҥэ диэри «Кэскил» хаһыаты кытта ситимин быспат, өрүү интэриэһиргиир, тэрээһиннэрбитигэр кыттар.
Николаев-центр хаартыскалара.