Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, олус истиҥ эдэр ыччат, устудьуон аймах, эдэр саас бастыҥ бырааһынньыга — Арассыыйа устудьуоннарын күнэ бэлиэтэнэр. Хас биирдии киһи олоҕор устудьуоннаабыт кэмнэрэ саамай күндү уонна умнуллубат буолар.
Бу бэлиэ түгэни мүччү туппакка, өрөспүүбүлүкэ оҕо медиакииннэрин салайааччыларын кытары устудьуоннаабыт кэмнэрин туһунан кэпсэттибит. Биһиги кэпсэтиибитигэр Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинин салайааччыта, эбит үөрэхтээһин педагога Надежда Громова кыттыһар уонна эдэр саас мүччүргэннээх үтүө күннэрин ахтан-санаан ааһар:
— Устудьуоннуур кэмнэр эдэр саас саамай умнуллубат кэрэ кэмнэрэ. Суруналыыс доҕотторбун кытта күн аайы араас интэриэһинэй паараларга үөрэнэрбит таһынан, ким хаһыакка, ким тэлэбиидинньийэҕэ, ким араадьыйаҕа үлэлиир. Ол эрээри араас мүччүргэннээх көрүдьүөс түгэннэр эмиэ баар буолааччылар…
Устудьуоннар физкултуура уруогар үһүс кууруска диэри үөрэнэр этибит. Мин тоҕо эрэ секцияҕа сылдьыахпын баҕарабын. Уопсайга киирэ иликпин. КФЕН таһыгар толору хааччыллыыта суох дьиэни куортамнаһан олоробун. Арай тустуу секцията баарын биллим. Суруттардым. 66 уопсай таһыгар «Зал борьбы» баар эбит, онно буолар диэтилэр. Дьэ, мин душтанардыы ох курдук оҥостон кэллим. Киирбитим — саала иһэ барыта уол, күүстээх дьарык буола турар. «Оо, дьэ, тоҕо даҕаны бу тустууга суруттарбытым эбитэ буолла!», — диэн олус диэн кыбыһынным, төттөрү төннүөхпүн баҕардым. Тура түһэн баран, таҥастаах, кедалаах пакеппын туппутунан саала диэки эрэллээхтик ааһа турдум. Хата, СГУ араас салааларыттан сэттэ кыыс буолан дьарыктанар буоллубут. Хайдах тустууга дьарыктаммытым туһунан олус дьээбэлээхтик кыргыттарбар кэлэн кэпсиибин, ол аайы кэпсээммин истэн кыргыттарым күлсүү бөҕө. Ити курдук үс сыл тустуу секциятыгар дьарыктанан, син сыл аайы «зачет» ылар этим.
Билигин санаатахха, киһи туохтан да толлуо суохтаах эбит. Ким ханнык баҕарар көрүҥүнэн дьарыктаныан сөп. Спордунан, физкултууранан дьарыктаныҥ, чэгиэн доруобуйаланыҥ, чөл олоҕу тутуһуҥ!
keskil14.ru