Муус устар 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай оскуолатын «Кустук» телестудиятын иитиллээччитэ Сайаана Стручкова Сайаана «Мин төрөөбүт дойдум — Сахам сирэ» дьүһүйүүтүн бэчээттиибит.
Мин төрөөбүт дойдум — Сахам сирэ
Мин төрөөбүт дойдум-Саха сирэ. Саха сирэ Россия регионнарыттан саамай киэҥ иэннээх өрөспүүбүлүкэ буолар. Саха Сирэ Россия састаабыгар 1632 сыллаахха киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэбит 32 улуустаах. Биһиги дойдубут айылҕата ханна да суох эриэккэс, өрүстэрэ, күөллэрэ, үрэхтэрэ, алаастара, хайалара, дьикти ыраас салгына ханна да суох уратылар. Олоҥхоҕо хоһуллубутун курдук киэҥ уонна баай дойду. Төрөөбүт дойдум уһун томороон тымныы кыһыннаах, кылгас итии сайыннаах да буоллар, миэхэ олус күндү. Атын дойдулартан туох да итэҕэһэ суох сайдар, иннин диэки киэҥник хардыылыыр. Биһиги дойдубут сиртэн хостонор элбэх баайдаах. Ол курдук, гаас, алмаас, кыһыл, үрүҥ көмүстэр, хорҕолдьун, таас чох уо.д.а., ону таһынан Саха Сирэ күндү туулээҕинэн биллэр.
Мин олорор Хаптаҕайбынан тимир суол ааһар. Сотору Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуо. Итинник балысханнык сайдар мин тапталлаах Сахам сирэ.
Мин санаабар, биһиги дойдубут сүрүн баайа — кини дьоно-сэргэтэ. Саха сахатынан кэрэ. Майгыта үтүөтэ, толкуйа киэҥэ, сатабыла элбэҕэ, үлэһит үтүөтэ –саха киһитэ!
Мин төрөөбүт Хаптаҕайым — үс Герой дойдута! Гражданскай сэрии геройа К.Алексеев,улэ Геройдара Г.С.Самсонов уонна Е.И Новгородова. Кинилэр албан ааттарыгар бары сүгүрүйэбит уонна киэн туттабыт. Үлэ Геройа Е.И. Новгородованы кытта кэппсэппиппиттэн мин дьоллоохпун.
Ханна да буолларбын, ханна да тиийдэрбин, Сахам сирэ өрүү мин сурэхпэр буолуоҕа, маннык кэрэ, күндү дойду ханна да сир үрдүгэр суох. Сахам сирэ — олоҥхо дойдута,мин олонхо сирин оҕотобун! Онон мин киэн туттабын!