2013 сылтан ыытыллар “Басхан” бырайыак үгэскэ буолан, быйылгыттан үрдүк таһымҥа тахсан, өрөспүүбүлүкэ уолаттарын түмэр киэҥ түһүлгэҕэ кубулуйда. Бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи дьылабыай оонньуу (куонкурус) биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэл Илья Винокуров төрөөбүтэ 125 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр ананан, муус устар 20-26 күннэригэр ZOOM платформаҕа ыытылынна.
Басхан диэн тыл «лиидэр» суолтатыгар туттуллар. Ол аата «бас-көс, баһылыыр-көһүлүүр» диэн суолталаах. Эр киһи ханна да буоллун: тэрилтэтигэр да, дьиэ кэргэнигэр да бас-көс, төһүү, тутаах киһи буолуохтаах. Ылыннарыылаах тыллаах, ырааҕы өтө көрөр дьоҕурдаах, киэҥ билиилээх, сатабыллаах. Маннык дириҥ ис хоһоонноох ааты сүгэр уолаттарбыт кэлин нэһилиэктэрин, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин ааттатар, салайар, сайыннарар дьон буолуохтара диэн эрэлбит улахан.
Уол оҕо иитиитигэр ураты болҕомто ирдэнэрин өйдөөн уонна биир сыал-сорук тула уолаттары, эр дьону түмэ тарпыт киһи диэн санаанан салайтаран бу бырайыагы тобулбуппут. Оонньуубутун Үөһээ Бүлүү улууһугар аҕыста тэрийдибит. Уолаттарбыт бу куонкурустан кынат анньынан, личность быһыытынан сайыннылар, олоххо көхтөөх позицияларынан, дьыалабыай хаачыстыбаларынан «XXI үйэ лиидэрэ», «Эдэр лиидэр», «Миниистир», «Будущай дипломат» курдук улахан араас тэрээһиннэргэ кытыннылар. Биһиги уолаттарбытынан киэҥ тутта өрүү ааттыыбыт, сибээспитин, ситиммитин ыһыктыбаппыт.
«Басхан-2021» өрөспүбүлүкэтээҕи куонкуруска 12 араас улуустан 19 лиидэр уол өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн тургутан көрдө. Уус-Алдан, Амма, Бүлүү, Ньурба, Мэҥэ-Хаҥалас, Эдьигээн, Өймөкөөн, Нам, Кэбээйи, Горнай, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү улуустарын бастыҥтан-бастыҥ ыччаттара 5 түһүмэҕинэн илин-кэлин түһүстүлэр.
Ол курдук, бастакы түһүмэх «Удьуор утума» диэн буолар. Бу түһүмэххэ кыттааччылар кимтэн кииннээхтэрин, хантан төрүттээхтэрин удьуор утумунан билиһиннэрэллэр. Төһөнөн дириҥээн инники көлүөнэни хасыһаллар да, соччонон биһирэнэр, сыаналанар.
Иккис түһүмэх «Дойду салайааччылара мин тус бэйэм көрүүбүнэн». Бу түһүмэххэ уолаттар нүөмэрдэри талан, дойдуну араас кэмҥэ салайан олорбут салайааччылар туһунан сэһэргээтилэр. Ис санааларын арыйан, аахпыт матырыйаалларыгар тирэҕирэн, личность нөҥүө кэм уратытын, ханнык сүрүн уларыйыылар буолбуттарын сэһэргээтилэр. Этэргэ дылы уол оҕо ырааҕы ыраҥалыыр, дойдуга, политикаҕа, тас эйгэҕэ туох буола турарын анааран көрөр кыахтаах буолуохтаахтар. Уолаттар ырытар дьоҕурдаахтара, киэҥ көрүүлээхтэрэ бу түһүмэххэ көһүннэ.
Үһүс түһүмэх «Өркөн өй». Манна Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатын үлэһиттэрэ 190 боппуруоһу бэлэмнээн, уолаттарга хас биирдиилэригэр 10-нуу боппуруоһу биэрэн, кругозордарыгар улахан тургутууну ыыттылар.
4 түһүмэх «Куолулааһын» (ол эбэтэр дебат). «Глобализация кэмигэр төрөөбүт тылы билии, үөрэтии олохпор туһата» диэн тиэмэлээх аһаҕас кэпсэтии буолла. Бу түһүмэххэ СР ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Степан Саргыдаев, СР үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Владимир Тихонов бэйэлэрэ-бэйэлэринэн кыттааччылар өйдөрүн-санааларын толору иһиттилэр, баҕа санааларын, сүбэлэрин биэрдилэр.
Уолаттар бу ыйыллыбыт кыһалҕа тула элбэх кэпсэтиини таһаардылар. Бииртэн биир араас санаалар, көрүүлэр, толкуйдар этилиннилэр, ол тула мөккүөр буолла. Түһүмэҕи Дьокуускайдааҕы 20, 26-дээх орто оскуолалар историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала, «2018 сыл бастыҥ учуутала» өрөспүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа Айаал Мохначевскай иилээн-саҕалаан ыытта. Түмүккэ омук быһыытынан тыыннаах хаалар суолбут – ийэ тылбыт буоларын өйдөөн, өссө да элбэх үлэ ыытыллыахтааҕа, болҕомто ууруллуохтааҕа этилиннэ.
Бэһис түһүмэх «Айыы умсулҕана». Манна кыттааччыларга хоһоон саҕаланар икки устуруоката бэриллибитэ. Уолаттар 5 мүнүүтэ иһигэр тылларын имитэн, уустаан-ураннаах, литература формаларын тутуһан санааларын суруйан бардылар. Түмүккэ доҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр.
Бу биэс түһүмэхтэн хас биирдиитэ дириҥ суолталаах. Уол оҕону ис эйгэтин толору арыйарга, сайдыытын таһымын кэтээн көрөргө ананан ыытылынна. Кинилэр хас биирдии түһүмэххэ киэҥ өйдөрүн-санааларын, билиилэрин-көрүүлэрин, саҥаларын-иҥэлэрин көрдөрдүлэр.
Биир нэдиэлэ устата үлэбит түмүгүнэн «БАСХАН-2021» муҥутуур кыайыылааҕынан Арылхан Сыроватскай, Уус-Алдан улууһун В.В. Алексеев аатынан Мүрү уолан гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччит таҕыста;
I үрдэл кыайыылааҕа – Алексей Николаев, Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан республика лицей-интернатын 10 кылааһын үөрэнэччитэ;
II үрдэл кыайыылааҕа – Фаридум Алексеев, Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан республика лицей-интернатын 10 кылааһын үөрэнэччитэ;
III үрдэл кыайыылааҕа – Айсаар Николаев, Горный улууһун Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
Маны таһынан түһүмэхтэргэ үрдүк көрдөрүүнү ситиспит уолаттарга анал ааттар туттарылыннылар:
«Удьуор утумун салҕыыр БАСХАН» – Иван Колодезников, Уус Алдан улууһа, 8 кылаас;
«Сайдам санаа БАСХАНА» – Григорий Яковлев Амма улууһа, 10 кылаас;
«Өркөн өй БАСХАНА» – Виталий Баишев, Кэбээйи улууһа, 8 кылаас;
«Хомоҕой тыл БАСХАНА» – Ньургун Чаҕылысов, Чурапчы улууһа, 10 кылаас;
«Ылыннарыылаах тыл БАСХАНА» – Алексей Сыромятников, Нам улууһа, 10 кылаас.
Нэдиэлэ кэриҥэ «Басхан-2021» куонкуруспутун сыаналыыр дьүүллүүр сүбэҕэ ааттаах-суоллаах, биллэр-көстөр, убаастанар дьоннорбут уонна «Басхан» дьылабыай оонньуу урукку сылларын кыайыылаахтара үлэлээтилэр.
Күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьоннорбутугар барыларыгар тэрийээччилэр ааттарыттан улахан махталбытын биллэрэбит. Ол курдук, СР ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистиригэр С.А.Саргыдаевка, СР үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы В.И. Тихонов, «Юные Якутяне» өрөспүбүлүкэтээҕи тирэх киин салайааччытыгар В.А. Васильеваҕа, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгар В.С.Поскачиҥҥа, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигар С.О.Борбуевка, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Хотун Бүлүү» ТРС үлэһиттэригэр, И.Н.Барахов аатынан государственность түмэлин научнай сотруднигар, бырайыак ааптарыгар Е.П.Семеноваҕа, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатын коллективыгар, «Ил Түмэн» өрөспүбүлүкэтээҕи парламент хаһыатын обозревателигэр, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнигэр А.М.Иевлеваҕа, Үөһээ Бүлүү улууһун аҕалар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлигэр, «Басхан» дьылабыай оонньуу солбуллубат дьүүллүүр сүбэтигэр, СР культуратын туйгунугар, Тамалакаан сынньалаҥ киинин директорыгар А.В.Руфовка, Дьокуускайдааҕы №20, №26-дээх орто оскуолалар историяҕа уонна обществознаниеҕа учууталыгар, «2018 сыл бастыҥ учуутала» өрөспүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕар А.Т. Мохначевскайка, Үөһээ Бүлүүтээҕи Д.С.Спиридонов аатынан орто оскуола саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталыгар, СР үөрэҕириитин туйгунугар М.С. Яковлеваҕа, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо киинин директорыгар М.И. Ивановаҕа, «Басхан» куонкурус урукку сыллардааҕы кыайыылаахтарыгар, улууспут инникитин элбэҕи эрэннэрэр ыччаттарыгар.
Бырайыак уол оҕо дириҥ өйдөбүллээх, киэҥ билиилээх, ырааҕы ыраҥалыыр киэҥ толкуйдаах буоларын ситиһэр, кини төрөөбүт дойдуга, ийэ сиргэ үтүө сыһыаҥҥа иитиллэр, уол оҕону, эр киһини өрө тутан, уопсастыбаҕа билиһиннэрэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыалын-соругун ситтэ, дьон-сэргэ болҕомтотун тарта, уол оҕону иитиигэ көдьүүстээх ньыма буолуо диэн эрэнэбит. Өрөспүбүлүкэҕэ иитии-сайыннарыы эйгэтигэр саҥалыы үлэни тэрийэр хайысхалаах «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама ис хоһоонугар толору сөп түбэһэн, далааһыннаныа диэн баҕа санаалаахпыт.
Өссө төгүл барыгытын «БАСХАН-2021» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньуу түһүлгэтэ этэҥҥэ түмүктэммитинэн эҕэрдэлиибит! Бары кыттыбыт уолаттарбытыгар үрдүк ситиһиилэри, киэҥ дабайыылары, Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар бары биир санаанан айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ, үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабыт!
Ааптар: Саргылана Ильина, «БАСХАН» бырайыак ааптара, сүрүн тэрийээччитэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Сомоҕо» оҕо түмсүүтүн методиһа.