Кулун тутар 21-30 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ ‘Саҥа саҕалыыр фермер» бизнес-оонньуу бастакы эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ ыытылла турар. Бу сырыыга күрэх кэтэхтэн буола турар. Бизнес-оонньуу кыайыылааҕа норуоттар икки ардыларынааҕы (кэтэхтэн) күрэххэ кыттар чиэскэ тиксэр.
Бизнес-оонньуу сыала-соруга: оҕоҕо тыа хаһаайыстыбатыгар бизнес-былааннааһын үөрүйэхтэрин сайыннарыы, ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин сөпкө салайарга, менеджмеҥҥэ уонна информацияны ырытарга, сөптөөх салайар быһаарыылары ылынарга уонна хамаанданан үлэҕэ үөрэнии буолар.
Сиһилии эрэгийиэннээҕи түһүмэх туһунан «Cаха сирин кэнчээри ыччата» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин методиһа Марина Сивцева билиһиннэрэр:
— Саҥа саҕалыыр фермердарга аналлаах бизнес-оонньуу бастакы түһүмэҕэ эрэгийиэннэргэ, оттон иккис түһүмэххэ кыайыылаах хамаанда куонкурус аадырыһыгар бэйэтин бизнес-былаанын ыытар, экспертнэй хамыыһыйа чилиэннэрэ ону билсэн сыаналыыллар, онтон үһүскэ — буолар сиригэр тиийэн куонкуруска кыттар. 2020, 2021 сс. норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах этэ, быйыл үөскээбит политическай быһыыны-майгыны учуоттаан куонкурус Арассыыйа иһинэн ыытыллар туруктаах. Маҥнайгы түһүмэххэ икки көрүҥнээх тэрээһиннэр буолаллар.
Ол курдук, оҕолорго СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ семинар ыытан үөрэтэр, маны таһынан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранын өйөбүлүн ылбыт тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга виртуальнай экскурсияҕа сырытыннарар, тыа сирин нэһилиэнньэтин экономическай уонна социальнай актыыбын үрдэтиигэ судаарыстыбаннай өйөбүл дьаһалларын туһунан лекциялар, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын кооперативын тэрийии, нолуок көрүҥнэрэ туһунан кэпсиэхтэрэ.
Хас биирдии кыттааччы хамаанда бэйэтин бизнес-идиэйэтин билиһиннэрэн, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын өҥөлөрүн оҥорор бизнес-бырайыагы көмүскүөхтээх.
Быйылгы күрэххэ 9 хамаанда кыттыыны ыла сылдьар. Ол курдук Ньурба улууһуттан Ньурбачаан орто оскуолата уонна Сүлэ орто оскуолата хамаандалара «Экзо- Zoо»диэн ааттаах аччыгый контактнай зоопарк бырайыагынан, хоту сир усулуобуйатыгар виноград үүннэриитин уопутун туһунан Хаҥалас улууһуттан М.Е. Васильева аатынан 2-с Мальдьаҕар орто оскуолата, Нам улууһуттан Модут орто оскуолата «Модутум дыргыл сыттаах отторо» бырайыагынан, «Убаһа этиттэн үрдүк суортаах кэнсиэрбэни оҥоруу» бырайыагын көмүскүүр П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата, Уус Маайа улууһуттан Петропавловскай орто оскуолата «Уус Маайа улууһугар агротуризмы тэрийии — Aldan Travels» бырайыагынан, Чурапчы улууһуттан «Хортуоппуйу районированнай суордун үүннэрии уонна ону батарыы» бырайыагынан И.Е.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥнээҕи агро-оскуолата, «Табаттан кэлэр бородууксуйаны оҥорон таһаарыы (переработкалааһын)» Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа оскуолата, «Сайын амтана» оҕуруот аһын хатарыы ньыматын туһаныы бырайыагынан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ороссолуода орто оскуолата, Сунтаар улууһуттан «Көтөрү иитии дьиэ дьоҕус хаһаайыстыбата» диэн бырайыагынан Куокуну орто оскуолата ситиһиилээхтик кытталлар.
Күрэххэ Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыттан 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ Спартак Федоров, Айсен Николаев, 9-с кылаас үөрэнээччитэ Сережа Павлов бизнес-хамаанда буолан кытталлар. Ол туһунан эдэр бизнесменнэр бу курдук кэпсииллэр:
— Биһиги оскуолабытыгар 2020 сылтан саҕалаан виноград олордуутунан дьарыктанабыт. Ол курдук “Красень”, “Вера”, “Фейз сидлис”, “Кодрянка” виноград араас көрүҥэ үүнэ турар. Бу виноградтан утах, барыанньа, изюм, мармелад оҥорон атыылыырбыт туһунан кэпсиэхпит. Виноградка С, В битэмиинэ, калий, железо элбэх, онон винограды сиэтэххэ киһи иммунитета бөҕөргүүр, сүрэх, мэйии үлэтэ, баттах, тыҥырах тупсар. Бэйэ үүннэрбит виноградын туһата ордук элбэх. Онон тыйыс тымныы айылҕалаах Сахабыт сиригэр биирдиилээн дьон, оскуолалар, хаһаайыстыбалар винограды үүннэриинэн дьарыктаналларыгар ыҥырабыт. Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ научнай салайааччыларын кытта винограды кэтээн көрөн, чинчийэр үлэлэри номнуо ыыта сылдьаллар.
Бүгүн, кулун тутар 25 күнүгэр, кыттааччыларга аналлаах кэпэрэтиип тэрийиитин, нолуок көрүҥүн туһунан сэминээр ыытыллар. Онтон «Саҥа саҕалыыр фермер» күрэх кулун тутар 28 күнүгэр буолара күүтүллэр.
Хас биирдии хамаандаҕа ситиһиилэри баҕарабыт! Саҥа саҕалыыр дьыалаҕыт кэскиллээх уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр, олорор оройуоҥҥутугар, нэһилиэккитигэр туһалаах буоллун!
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.