Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Тааттаҕа тэриллибит “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла бу кэлэр 2019 сылга 50 сылын бэлиэтиир.
Ансаамбылы быйыл “Гордость Якутии” онлайн-куонкурус “Деятель искусства” номинациятын кыайыылааҕа Августина Клакинова 1969 с. төрүттээбитэ. Кини Ытык Күөлгэ уһуйбут оҕолоруттан СӨ норуодунай артыыһа, РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа, Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү театрын солиһа Афанасий Афанасьевы киэн тутта ааттыахха сөп.
50 сыл устата “Доҕордоһууга” элбэх оҕо дьарыктанан, талааннаах учууталлар үлэлээн аастахтара. Билигин ансаамбылы СӨ култууратын туйгуна Валентин Козлов салайар.
Үбүлүөйдээх 50-с сезонун арыйар кэнсиэргэ Чурапчыттан “Дьиэрэҥкэй”, “Чолбон” ансаамбылар кэлэн кытыннылар.
Таатта кэнчээри ыччатын кэрэҕэ уһуйар үтүө кыһаҕа үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!