Үөһээ Бүлүү Олоҥхо ыһыаҕар Саха АССР 100 сылынан Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын ыытыллар Былатыан Ойуунускай “ДЬУЛУРУЙАР НЬУРГУН БООТУР” олоҥхотун икки күн быһа 100 киһи кыттыылаах уһун тыыннаах ааҕыыта буолла. Үөһээ Бүлүү 23 нэһилиэгэ, 20 улуус бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар, ол иһигэр Москваттан,Алтайтан кэлэ сылдьар дьон баар. Идэтийбит олоҥхоһуттар эрэ буолбакка, баҕалаах көннөрү дьон кытыннылар.
Саамай бүтэһик Өймөкөөнтөн сылдьар эдэр уол аахта. Тоҕо ити уол бүтэһик аахта диэтэххэ, Олонхо ыһыаҕа эһиил тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө буолуохтаах. Олонхону хас биирдии киһи 10-нуу мүнүүтэ аахтылар, ким түргэнник, ким бытааннык. Маннык тэрээһин аан бастаан тэрилиннэ, былааннара туолбутуттан үөрдүлэр. Ураһаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Саха Республикатын Ил Дарханын иһинэн Национальнай Олоҥхо комитетын бэрэссэдээтэлэ Жирков Александр Николаевич кэлэн «аны оҕолорго аахтарыахха баара» — диэн санаатын этэн, үөрүүтүн үллэстэн барбыта.
Тэрийээччи, Үөһээ Бүлүү киин библиотечнай ситим директора Наталья Кириллловна Петрова: Атын улууc дьонноругар эрдэттэн былааннанан тиэкистэри биэрбиппит. Олоҥхону ыллыҥ да кыайан симбиир аахпаккын. Бу дьон ааҕарга бэлэмнэнэллэр, олонхоһуттар курдук таҥастарын-саптарын тиктэрэллэр.Сылын аайы бу үгэс ыытыллара буоллар олоҥхоһут элбиэ этэ. Сунтаар улууһугар дьиэ кэргэнинэн аагаллар эбит, оннук эмиэ олус интэриэһинэй. Саамай үөрэрим диэн аахпыт дьон астынара уонна махтала. Кыттыбыт дьон бэйэлэрин Олонхоһут курдук сананан үөрэн-көтөн бардылар!
Олоҥхону ааҕыыга кыттыбыт дьон хаартыскалара илии баттааһыннаах истиэндэҕэ киирбит.
Айна Тарасова,
«Тымтык» корпост,
Ороһу.