Сахабыт Сирэ уонна ыраах Грузия тугунан да майгыннаспат ураты дойдулар: биһиги тымныы кыһыммыт, киэҥ нэлэмэн сирбит-уоппут хайалардаах, күннээх Грузияттан санаатахха да, айаннаатахха да ыраах.
Ол эрээри биһиги, Габышевтар, өбүгэлэрбит Грузияттан Туймаада хочотугар олохсуйа кэлбит Габидзе диэн 3 бырааттыы уолаттар буолалларын туһунан үһүйээн баар эбит. Биир уол кэргэн ылан, оҕолоро Өлүөхүмэ эҥэр олохсуйбуттар. Иккис уол ыччата Ньурба, Сунтаар, Бүлүү улуустарынан тарҕаммыттар. Үһүс уол кэргэн ылан баран, утумнарын Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Тааттаҕа олохтообут.
Биһиги Хаабыһаптартан — Муус Маччыыка үһүс уолун үһүс уола Габышев Егор Павлович 8 оҕотуттан — силистэнэн тэнийбит эбиппит. Егор Павлович бастакы оҕото, улахан кыыһа — мин хос эбэм Габышева (Пухова) Анастасия Егоровна. Настаака Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх Пухов Павел Андреевичка кэргэн тахсан, Уус Алдаҥҥа көһөн кэлбит. Биэс уолламмыт. Кинилэр үһүс уоллара Афанасий Павлович Пухов (Охоноон) мин эһэм буолар. Охоноон 11 оҕолоох, бэһис оҕото Афанасий — мин аҕам.
Тохсунньу ый 5 күнүгэр Дьокуускайга, Саха театрыгар, Хаабыһаптар киэҥ аймах Ороһуоспатааҕы көрсүһүүлэрэ буолан ааста. Мин санаабар, маннык көрсүһүүлэр олус наадалар. Эдэр ыччаттарбыт, үүнэн иһэр көлүөнэлэрбит бу курдук түмсүүлэргэ бэйэлэрин өбүгэлэрин туһунан элбэҕи үөрэтэллэр, аймахтарын кытары билсэллэр.
Мин убайым Семен Андреевич Пуховтыын бу көрсүһүүгэ саамай хайгыы көрбүппүт диэн – киһи элбэҕэ: ытыктанар кырдьаҕастар, эрчимнээх эдэрдэр уонна кырачаан оҕолор. Бачча элбэх аймахтаахпыт буолуо диэн санаабатах буоламмыт, олус сөхтүбүт уонна үөрдүбүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, Саха Сирин тутааччыларын Союһун ассоциациятын генеральнай дириэктэрэ Айхал Габышев сэргэх кэпсээнинэн, Өлүөхүмэ Габышевтарыттан төрүттээх Санита Ай ылбаҕай ырыаларынан бырааһынньыгы киэргэттилэр. Талааннаах Хаабыһаптар оҥоһуктарын уонна төрүччүлэрин быыстапкалара саалаҕа тардыллан, дьон болҕомтотун тарта.
Бу улахан бырааһынньыгы, көрсүһүүнү тэрийэн ыыппыт Уйгулаана, Айхал, Анастасия-Сыдьаайа Габышевтарга ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Мантан салгыы аны сайын Дьокуускайга аймахтар ыһыахтарын долгуйа күүтэбит.
Айталана Пухова,
Майаҕас В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.
Уус Алдан.