Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, Е.М. Ярославскай аатынан түмэлгэ биһиги, эдэр кэрэспэдьиэннэр, үрүҥ көмүс волонтёрдары оһуохайынан, тойугунан көрүстүбүт.
Ахсыс «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар бастыҥ волонтёрдар кэлбиттэр. Олор истэригэр Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн уһуннук үлэлээбит, элбэх сыралаах үлэҕэ сылдьыбыт ытык дьон баар. Ыалдьыттарбытын ойор-тэбэр оһуохайынан, тойугунан көрүстүбүт. Сахалар иһэр утахпытын кымыһы уонна быырпаҕы амсайдылар. Саха норуотун үгэстэрбитин олус диэн сэҥээрдилэр, астыннылар. Саха сирэ үтүө, ыалдьытымсах дьонноох диэн бэлиэтээтилэр.
Сүрүннээн «Азия оҕолоро» үрдүк таһымнаахтык буола туралларыттан үөрдүлэр. Кинилэр бу оонньуулар ыытыллар күннэригэр эппиэтинэстэрэ эмиэ үрдүк эбит. Сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэлэрин толороллор эбит. Ол туһунан ыйытыкпар бу курдук эппиэттээтилэр:
— Волонтёр үлэлиир бириэмэтэ хайдаҕый?
— Людмила Каширина: — Үлэлиир бириэмэтэ нуормаламмат, тоҕо диэтэххэ бу үлэбит өрөбүлэ суох үлэ, бырааһынньыктарга да оҕолору кытта үлэлиибин уонна сарсыарда да, киэһэ да эрийэн ыҥырыахтарын сөп. Ол гынан баран, миэхэ сөптөөх үлэ, үлэбин сөбүлүүбүн.
— Любовь Урасинова: — Мин оҕолорум этэллэр: «8 чааска эн номеру суоххун, онтон киэһэ 10 чааска өссө суоххун, хаһан дьиэҕэ баар буолаҕын?» диэн. Айанныыбыт даҕаны, көтөбүт даҕаны. Түөрт эрэ күн дьиэҕэ сылдьабыт уонна төттөрү эмиэ барабыт. Сороҕор икки эрэ күн. Холобур, биирдэ Мурманск куоракка баар буолабын, онтон Ханты-Мансийскайга , Ростов-на-Дону даҕаны тиийбит буолабын.
Бииргэ үлэлиир дьонум эппиттэрэ нуормаламмат үлэлиир бириэмэлээххин диэн. Онно ыарахан баҕайы дииллэр.
— Ханнык ыытыллар миэстэлэргэ, спортивнай площадкаларга үлэлиигитий?
— «Модуҥҥа» сылдьыбыппыт, онно мас-рестлинг, үҥкүү күрэҕэ буолбута. Мас тардыһыыта олус сэргэх күрэхтэһии эбит. Бары бииргэ сылдьыбыппыт. Дьарыкка биир уолу өйдүү көрбүтүм, ол уолум кэлин тиһэҕэр чемпион аатын сүкпүт этэ.
Ити курдук, ытык үрүҥ көмүс волонтердары кытта кэпсэтиибит олус сэргэхтик ааста. Тус бэйэм бу бүгүҥҥү күннээҕи тэрээһинр астынным. Элбэх интэриэҺинэй дьону кытта билистим. Волонтер үлэтэ сыралаах эбит диэн биллим.
Алгыстаана Захарова, оҕо пресс-киинин эдкора.